Нам улууһун үөрэҕин үлэһиттэрэ культурнай-сырдатар эйгэҕэ, спорка өрүү инники күөҥҥэ

Кулун тутар 17 күнүгэр М.К. Аммосов аатынан култуура дыбарыаһыгар Нам улууһун үөрэҕириитин үлэ коллективтарын ортолоругар, улуустааҕы биир идэлээхтэр сойуустарын Александр Шарапов салаталаах комитетын тэрийиитинэн, сылын аайы ыытыллар уус-уран көрүү буолан ааста.

Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо спордун сылларынан “ЗУМБА-FEST-2024” уонна “С песней по жизни” күрэхтэр тэрилтэҕэ үлэһит ахсаанынан араарыллан 3 бөлөҕүнэн  үрдүк таһымҥа ыытылынна. Күрэххэ барыта 36 тэрилтэ, ол иһигэр 27 ырыа коллектива сааһыттан тутулуга суох көхтөөхтүк кытынна.

“Хас биирдии оҕо дьоллоох оҕо сааһы, тапталы, сылаас сыһыаны билиэхтээх, тус дьоҕурун арыйарыгар толору усулуобуйалаах буолуохтаах. Оҕолорбутун аҕа көлүөнэттэн бэриллибит дьоһун суолталаахха барытыгар – үрдүк өйгө-санааҕа, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга уһуйдахпытына, инникибит сырдык, ыраас буоларыгар бигэ эрэллээх буолуохпут», — диэн Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев этэн турар.

Кэнчээри ыччаппыт  кыра сааһыттан спордунан дьарыктаннаҕына, спорка көрдөрүүлээх буолан тахсара, эрэл үөскүүрэ хас да бүк улаатар. Оттон иитээччи, учуутал, үлэһит бэйэтэ эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, чөл олоҕу тутуһар буоллаҕына кини бастыҥ холобур буолар.

Биллэн турар, бу сыалы толорууга хас биирдии үөрэх эйгэтин үлэһиттэриттэн толору эппиэтинэс уонна бэриниилээх үлэ ирдэнэр. Күннэтэ  хас биирдии оҕо бэйэтин талаанын, дьоҕурун арыйан бары кыаҕы ыларыгар, сайдарыгар туох баар өйдөрүн-санааларын күүстэрин ууран, түбүктээх үлэҕэ сылдьаллар.

Бу курдук улууспут үөрэҕириитин  үлэһиттэрэ культурнай-сырдатар эйгэҕэ, спорка өрүү инники күөҥҥэ сылдьаллар. Улуус биир сомоҕолоох сойуустарын ортолоругар бастыҥ көрдөрүүлээхтэр.

Анна Ядрихинская