Нам улууһуттан 30-ча киһи бүгүҥҥү сэлэлии хаамыыга кыттыаҕа

Бүгүн, кулун тутар 5 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр норуот маастарын күнэ. Бу бэлиэ күҥҥэ аналлаах тэрээһиннэр бэҕэһээҥҥиттэн саҕаламмыттара.

Нам улууһун маастардара, тарбахтарыгар талааннаахтара тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытталлар. «Якутия мастеровая» быыстапкаҕа Нам маастардарын павильона биир бэлиэ миэстэни ылар. Хатырыктан Васильевтар дьиэ кэргэн «Удьуор уус утума» диэн уус дьиэ кэргэттэр куонкурустарыгар кытталлар. Түмүк сарсын тахсар. «Көҥкөлөй. Удьаа» мас уустарын сатабылларын көрдөрөр өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска Хамаҕаттаттан Руслан Захаров кыттар. Түмүк эмиэ сарсын биллэр.

Норуот маастарын күнүн бэлиэ тэрээһининэн бүтүн Саха сириттэн төрүт таҥастаах дьон-сэргэ мустан сэлэлии хаамыыта буолар. Быйыл хаамыы ахсыс төгүлүн ыытыллар. Нам улууһуттан 30-ча киһи сахалыы таҥнан-симэнэн киириэҕэ. Кинилэр истэригэр «Оһуохай» түмсүү (сал. Т. Евсеева), 1 Хомустаах, Хамаҕатта иис түмсүүлэрэ, Намнааҕы педагогическай колледж коллектива уо.д.а. бааллар. Бу бэлиэ тэрээһиҥҥэ Нам улууһун олохтоохторо анаан сахалыы таҥас тиктэн киирэн кыттар буолбуттара кэрэхсэбиллээх. Сэлэлии хаамыы Өксөкүлээх Өлөксөй норуоттар доҕордоһууларын дьиэтиттэн Орджоникидзе болуоссатыгар диэри тэриллиэҕэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, Нам улууһугар 28 норуот маастара, 23 уус-уран оҥоһук маастара баар. Быйыл уус-уран оҥоһук маастара 2 киһинэн эбилиннэ. Кинилэр: төрүт иискэ – Аппааныттан Дария Мальцева, Үөдэйтэн муосчут – Вера Тимофеева. Бу курдук сыллата уус-уран оҥоһукка маастардар элбииллэр.

Лена Ноговицына