“Муус Устар” ыччат фестивалын маҥнайгынан арыйбыт “СулуСТАР” өрөспүүбүлүкэтээҕи вокал куонкурсугар Нам олохтооҕо Сайнаара Жмурова кыттыыны ылар.
Сайнаара Жмурова:
М.К. Аммосов аатынан култуура дыбарыаһыгар сүүмэрдиир түһүмэҕи ааһан тохсунньу 9 күнүгэр “СулуСТАР” вокал куонкурсугар кыттыыны ылар чиэскэ тиксибитим. Вокал куонкурсугар “Верните память” диэн дойдуга бэриниилээх буолууну кэпсиир, патриотическай тыыннаах ырыаны ыллаабытым.
Ийэм Елена Степанова култуура үлэһитэ, музыка учуутала буолан ырыаҕа олох кыра эрдэхпиттэн сыстыбытым. Ол курдук, сыанаҕа аан маҥнайгыбын 4 саастаахпар тахсыбытым.
“СулуСТАР” күрэхтэһээччилэрэ ыллаабыт видеоларын көрдөххө, куоластара күүстээҕэ, кыра эрдэхтэриттэн култуураҕа сыһыаннаахтара биллэр. Тэрийээччилэр кыттааччыларга олунньу 5 күнүгэр билсиһии киэһэтин, кэнсиэр оҥороору сылдьаллар. Онтон олунньу 10 күнүгэр финалга 15 ырыаһыттан 5 чуор куоластааҕы талыахтара. “СулуСТАР” кыайыылаахтара олунньу 17 күнүгэр биллиэхтэрэ.
Үрдүк таһымнаах куонкурстарга, элбэх көрөөччүлээх сыанаҕа тахсарга бэйэҥ ис санааҕын сааһылыахтааххын, туруккун бэлэмниэхтээххин. Тус бэйэм манныгы тутуһабын – кыттааччылары кытта бэйэҕин тэҥнээмэ; бэйэбин хайдах көрдөрөбүн да оннук сыаналыахтара. Уонна итэҕэстэри этэллэрин (критика) истэ үөрэниэххэ, ылыныахха наада.
Саха сиригэр таһымнаах, үгүс ыччат күүтэр “Муус Устар” 2024 фестивалын түһүмэхтэригэр Нам улууһун ыччата кыттан саҕалаата. Быйылгы фестивалга Нам улууһуттан 80-тан тахса ыччат кыттыыны ылыаҕа.
“Нам улууһа СӨ ыччат дьыалатын уонна социальнай коммуникацияларга министерствота ыытар киэҥ хабааннаах, сүҥкэннээх “Муус Устар” 2024 ыччат фестивалын 10 түһүмэҕэр зачет биэриэҕэ”, – диир Нам улууһун дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын отделын салайааччыта Екатерина Ефставьева этэр.
Улууска анал хамыыһыйа тэриллэн үлэ күөстүү оргуйбут. Туһааннаах тэрилтэ салайааччылара түһүмэхтэри үллэстэн бэйэлэрин истэригэр талааннары буларга сүүмэрдээһин саҕалаабыттара этиллэр.
“Бүгүҥҥү күҥҥэ Намнааҕы колледжтан аҕыс киһилээх “Эноджи” бөлөх “КҮН” аныгылыы үҥкүү куонкурсугар кыттаары сылдьар. Оттон онлайн күрэхтэргэ, улууска олунньу 5 күнүгэр диэри сүүмэрдээһини ааспыт чаҕылхай үлэлэр өрөспүүбүлүкэҕэ кыттыахтара. Ону тэҥэ, “Муус Устар” кыттааччылара олунньу 1 күнүгэр “Ыччат баалыгар” бэйэ-бэйэлэрин кытта көрсөн билсиэхтэрэ, санаа атастаһыахтара”, – диэн былааннаан олороллорун Екатерина Сергеевна кэпсиир.
Салгыы Эҥсиэли хочотун ыччата “СулуСТАР”, “КҮН” аныгылыы үҥкүү, “Дыхание зимы” худуоһунньуктар цифровой онлайн, “Время традиций” Саха норуотун төрүт үгэстэрин билии, “Айар” медиашкола, “Педагог будущего поколения”, “Команда моей мечты” дьыалабыай оонньуулар, “Тайны якутских просторов” видеоролик, “Готов к труду и обороне” спорт, “Счастливая семья – счастливая республика!” хаартысканан онлайн куонкурустарга күрэхтэһэргэ бэлэмнэнэр.
Быйылгы фестивалга Нам улууһа 3 иһигэр киирэргэ сыал-сорук туруорунан күүстээх үлэ ыытар.
Харысхан Попов