Нам уолаттара Сталинград иһин кыргыһыыга

Нам оройуонун 46 уола улуу Сталинград кыргыһыытыгар кыттыбыттара. Кинилэр ортолоругар бааллар: Азаров Егор Архипович (1 Хомустаах, Жданов аатынан колхоз суотчута), Охлопков Петр Васильевич (Хатырык, Ворошилов аатынан колхоз чилиэнэ), Винокуров Василий Степанович (Карл Маркс аатынан колхоз чилиэнэ), Винокуров Василий Степанович-II (Хамаҕатта, «Кыһыл Ыллык» колхоз чилиэнэ), Корякин Григорий Афанасьевич (Нам селота), Татаринов Семен Семенович (Үөдэй, зоотехник), Ушницкай Платон Дмитриевич (Бөтүҥ), Ядрихинскай Егор Иосифович (Нам селота, учуутал), Николаев Николай Гаврильевич (Таастаах, Тельман аатынан колхоз чилиэнэ), Петров Степан Дмитриевич (Хамаҕатта, Ленин аатынан колхоз чилиэнэ), Кривошапкин Иннокентий Федотович (Хамаҕатта, «Кыһыл Ыллык» колхоз чилиэнэ), Никитин Роман Егорович (Бөтүҥ, Молотов аатынан колхоз чилиэнэ), Заровняев Роман Семенович (Хатырык, милиция үлэһитэ), Слепцов Георгий Игнатьевич (Хатырык, учуутал) уо.д.а.

Егор Архипович Азаров инженернэй сэриилэри бэлэмниир чааска сыл кэриҥэ үөрэммитэ. Курсун бүтэрэригэр киниэхэ лейтенант званиетын иҥэрбиттэрэ. Сталинград иһин историческай кыргыһыыга 57-с армия 15-с гвардейскай стрелковай дивизия сапернай взводун командира этэ. Кини подразделениета герой-куорат иһин кыргыһыы саҕаланыаҕыттан охсуһуу кутаа уотугар сылдьыбыта.

Сталинградскай кыргыһыыга кыттыбыт артиллерист Татаринов Семен Семенович 1973 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр «Ленин суолугар» хаһыакка оҥорбут ахтыытыттан: «Миигин Москва куорат таһыгар Коломна диэн куоракка ыыппыттара. Онно тиийэн 40-с ударнай биригээдэ 11-с артиллерийскай дивизиятыгар киирсэн Сталинградтааҕы кыргыһыыга барбыппыт. Биһиги дивизиябытыгар 12 «Катюша», 720 орудие баара. Кылаабынай командование резервэтэ диэн ааттанан өрүүтүн көһө сылдьар этибит. Өстөөх саамай күүстээх оборонатын алдьатарга, эбэтэр өстөөх ханан кимэн киирэр атаакатын утары охсорго аналлаах этибит».

Артиллерист Григорий Афанасьевич Корякин 1942 сыллаахха сэриигэ маҥнайгы «сүрэхтэниини» Сталинград иһин кыргыһыыга ааспыта. «Сталинград иһин кыргыһыы олус кытаанаҕа, киһи куйахата күүрэр алдьархайа этэ. Фашистар сирэйэ-хараҕа суох, бэйэлэрин дьоннорун өлүктэринэн талаһаланан урусхалламмыт куорат уулуссаларынан киирэ тураллара. Өстөөх сынньанарга, тохтуурга кыаҕы биэрбэт этэ. Бииртэн биир иэдээни оҥорон иһэрэ», — диэн ахтар буойун Григорий Корякин.

Красноармеец Винокуров Василий Степанович сэриини Сталинградтан саҕалаабыта. Василий Винокуров артиллерист быһыытынан 76 мм пушкаҕа наводчигынан сылдьыбыта, кыайыгаһынан, сымсатынан артиллеристарга улаханнык сөбүлэппитэ. «Волга эбэ хотун хаан-сиин буолан, сирдиин, дьиэлиин-уоттуун ынчыктыы сытарга дылыта. Тимирбит борохуоттар, күөрэ-лаҥкы быраҕыллыбыт байыаннай массыыналар, ситэ хомулла илик фашистар өлүктэрэ сылбах курдук тэлгэнэн сыталлара көрөргө наһаа дьулаан этэ», — диэн ахтара Василий Степанович. Ити курдук номоххо киирбит куорат быһаарыылаах кыргыһыытыгар кыттан, Василий Сталинградка бойобуой сүрэхтэниини ылбыта.

Автоматчик Винокуров Василий Степанович-II 1943 сыл тохсунньутугар Сталинграды көмүскэһэр сибиряктар армияларын хайыһар батальонугар ананан сэриилэспитэ. «Өстөөх түүннэри-күнүстэри өрөөбөккө уотунан кута турара, сир-халлаан кута курдук күөгэҥнэс этэ», — диэн Василий Степанович ахтара.

Гвардия техник-лейтенана, танкист, Хатырык уола Петр Васильевич Охлопков сэриигэ 1941 сыл от ыйын 3 күнүгэр Саратов куораттан тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэ сылдьан барбыта. 1942 сыл күһүнүгэр кини Сталинградка 156-с отдельнай танковай батальоҥҥа рота командирын техчааска көмөлөһөөччүтэ этэ. Икки ый устатыгар сэрии хас да мүлчүргэннээх хапсыһыыларыгар сэриилэспитэ. Сэрии уотун ортотугар саахалламмыт танкалары өрөмүөннүү охсон иккиһин сэриигэ киллэрэрэ.

Н. Кокорев, Хамаҕатта, 2013 с.