Нам уонна Чурапчы олохтоох дьаһалталара көрүстүлэр

Нам улууһун Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтатыгар бүгүн Сивцев Владимир Дмитриевич баһылыктаах Чурапчы нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата үлэ тула уопут атастаһа кэлэн барда.

“Маннык көрсүһүүлэргэ биир идэлээхтэрбитин кытта ханнык хайысхаҕа үлэ сатамньылаахтык, хайа өттүгэр ыарырҕатыы баарын туһунан сөбүлэһэбит”, – диир Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников.

Ол курдук, Чурапчы нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыттан 11 киһилээх делегация П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтин, култуура дыбарыаһын көрдө-иһиттэ.

Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр чурапчылар Хатырыкка тиийэннэр Максим Аммосов аатынан Судаарыстыбаннас түмэлигэр ыалдьыттаабыттарын, Чаҕылхай Максим пааматынньыгар сибэкки уурбуттарын баһылык Петр Сокольников этэр.

Ол курдук, нэһилиэктэр араас хайысхаҕа, эйгэҕэ хайдах быһыылаах үлэ ыыталларын туһунан санаа атастаһаллар, уопут үллэстэллэр. Холобура, сайын Намҥа ирдэбилгэ эппиэттиир ыт приюта арыллыбыта. Сокуон хараҕынан тутуллубут приют тутуутун Чурапчы олохтоох дьаһалтата көрөн-истэн бэйэтин былааныгар киллэрбит.

Читайте дальше