Физкультурник күнүн көрсө, Нам улууһун «НамВел» кулууп 4 велосипедиһа Чурапчыга тиийэн ыалдьыттаабыт. Бу туһунан Чурапчы улууһун «Саҥа олох» хаһыата суруйда.
Николай Крылов суруйбутунан, Алтай хааннаах, 2008 сылтан Велотуризмынан утумнаахтык дьарыгырар экстремал веллер, оҕо аймаҕы велопоходка сырытыннарар, олус бэркэ сахалыы саҥарар Олег Омин салайан айаннаан тиийбиттэр. Аара Чурапчы улууһун границатыгар палатка тардан хонон, айаннарын Чурапчыга түмүктээн, сыалларын этэҥҥэ ситиспиттэр.
Нам велосипедистара Мугудайга тиийбиттэригэр «Дьулуур» велокулууп салайааччыта Анна Николаевна Пермякованы кытта Чурапчы велосипедистара көрсүбүттэр. Чурапчыга киириигэ Алтан Сэргэҕэ кымыстаах, алаадьылаах көрсүү сиэрэ-туома тэриллибит. Биир ыалдьыт хомуска оонньообута бэрт долгутуулаах түгэни үөскэппит.
Бэрт истиҥ билсиһии буолбут. Биир санаалаахтар сүбэлэһэн баран, Нам сиригэр өссө киэҥ таһымнаах Горнай, Уус Алдан велокулууптарын түмэн, бастакы слёту тэрийиэххэ диэн буолбут. Сүрүннээн велопоход, велотуризм, велопробег, велоспорт сайдыытын киэҥ эйгэҕэ таһаарар санааттан. Оҕо аймах сайыҥҥы өттүгэр велопоход, велотуризм курдук дьарыктаах буолалларыгар баҕа санаа үгүс.
Бу көрсүһүү Ангелина Иннокентьевна Петрова быһаччы көмөтүнэн тэриллибит. Санатан эттэххэ, Ангелина дьүөгэтин Ольганы кытары Дьокуускай-Мииринэй бэлэсэпиэт тэбэн тиийбиттэрэ (07.07.24-21.07.24. 1200км).
«Эҥсиэли» хаһыат