Нам ыччата «АктивВервил» бэстибээлгэ

Үөһээ Бүлүү Түгэхтэй алааһыгар Улуу убайбыт Исидор Барахов быйыл 125 үбүлүөйдээх сыла чэрчитинэн ыытыллар “АктивВервил” бэстибээлгэ Нам, Таатта, Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү ыччата атырдьах ыйын 11-13 күннэригэр түмсүөҕэ.

Нам улууһун ыччата Афанасий Эверстов Үөһээ Бүлүүттэн санаатын үллэстэр:

Бүлүү бөлөх сиригэр-уотугар бу саҥа кэлээһиним буолар. Үөһээ Бүлүүгэ бэйэбит дойдубутугар кэлбит курдук сананныбыт. Биһиги Наммыт улууһа курдук тутуута элбэх, көрдөххө, айылҕата да майгыннаһарга дылы. Холобура, дойдубут курдук чугастык ылынарга уонна саныырга Нам, Хомустаах диэн нэһилиэктэр бааллар.

Маннык таһымнаах тэрээһиннэргэ олох саҥа кыттан саҕалаатым. Бүгүн биэс улуустан түмсүбүт ыччаттары булкаас хамаандаҕа араардылар. Мин хамаандабар үксүн Үөһээ Бүлүү ыччата баар. Сарсыҥҥы күҥҥэ куруһуоктар, “АктивВервил” бэстибээл кыттааччыларыгар мунньах, оонньуулар волейбол, футбол буолуохтаахтар.

Харысхан Попов

Читайте дальше