Халаан уута кэлбит бастакы күннэриттэн “Намкоммунтеплоэнерго» тэрилтэ Хатырык, Маймаҕа, Граф Биэрэгин дьонун быыһаан, дамбаны бөҕөргөтөн, буор кууллаан түүннэри-күнүстэри үлэтин тохтоппотоҕо.
Уруккуттан да үөрүүгэ-хомолтоҕо бары тэбис-тэҥҥэ сүүрэр-көтөр, көмөлөһөр буоламмыт ыам ыйын 17 күнүгэр түүннэри түргэнник хомуллан, Граф Биэрэгин дамбатын бөҕөргөтүү, Туллук биэрэгэр уу киириитин тохтотуу үлэлэригэр П.М. Матвеев, П.П. Пестряков, Н.Н. Максимов, Н.И.Дьяконов үлэһиттэрин, 4 техниканы таһааран, биригээдэлэринэн сарсыарда 5 чааска диэри күүстээх үлэ барбыта. Бу үлэ ууну бытаардарга көмөлөспүтэ. Ол да буоллар, уу күүһэ бэрт буолан тоҕо анньан киирбитэ. Дириэктэрбит Н.В. Игнатьев Хатырыкка миэстэтигэр тиийэн көрөн, мотуордаах оҥочо наада буолан, ону дьаһайан, 4 киһилээх биригээдэ Н.В.Саввинов, П.М. Матвеев, Н.Н. Соловьев, А.А. Исаков тиийбиттэрэ. Хатырыкка дьаһайар киин салайан, уолаттарбытын Маймаҕаҕа ыыппыта. Моторист А.А. Исаков Маймаҕаттан аҕалбыт дьонун дьуһуурунай массыынабыт С.А. Попов Намҥа аҕалтаабыта. Маймаҕаттан Хатырыкка дьону таһан күнүстэри-түүннэри үлэлээбиттэрэ.
Онно биир түгэҥҥэ болҕомтобун ууруом этэ. Суоппарбыт Алексей түүн дьону таһа сырыттаҕына массыынатыгар кэлбитигэр, быһаҕаһыгар диэри уу буолбут саастаах киһи кэлэн дьоммун быыһаа диэн көрдөспүт. Уолбут сүүрэн тиийэн дьиэ иһигэр киирбитэ, кэргэнэ сиэнинээн быһаҕастарыгар диэри ууга олороллор эбит. Сатаан тахсыбакка, сибээстэрэ сүтэн кыайан көмөлтө ыҥырбатахтар, бу дьоннорун ороон таһааран, эвакопуҥҥа илдьибитэ.
Кылгастык халаан уутун кэмигэр производственнай учаастактар үлэлэрин сырдаталларын көрдөстүм.
Хатырыктааҕы производственнай учаасток маастара Алексей Иннокентьевич Татаринов:
— Уубут соһуччу кэлэн, бары да күүппэтэх буоламмыт, соһуйан хааллыбыт. 5 үлэһиппин кытары туох баар күүспүтүнэн ууттан дьону быыһыырга туруммуппут. Алдьархайы бастакы кирбиигэ көрсөммүт, дьону аймаабакка эвакуациялаан, ньэһилиэньньэҕэ сүрүн күүс-көмө буолбуппут.
Хатыҥ Арыы производственнай участагын маастара Кирилл Афанасьевич Алексеев:
— Уу кэлэр түүнүгэр Аппааныга дьаһалталары кытары дьууһурунайдыы олорбутум. Уу кэлэн эрэрин көрөммүт, 12 үлэһиппин кытары солбуйса сылдьан икки күнү быһа түүннэри-күнүстэри Граф Биэрэгин уонна Кыһыл Дэриэбинэ дамбатын бөҕөргөтөн, уу киирэрин тохтоппуппут.
Григорий Григорьевич Куличкин, Бөтүҥ:
— Бөтүҥҥэ намыһах сиринэн уу киирэн ыаллары ылан барбыта, мин 4 үлэһиппин ылан, Чоомуостан дьону көһөрбүппүт, сүөһүнү хаайбыппыт, уу киирэр сирин бүөлээбиппит.
Арбын участага, маастар Леонид Иннокентьевич Гоголев:
— Арбын урукку сылларга наар ууга барар буолан, биһиги сыл аайы бэлэмнэнэбит. Котельнайдарбытыттан ууга эмсэҕэлиэн сөптөөх маллары барытын үөһэ харайбыппыт, уулаах емкастарбытын устубатын гына барытын толорон биэрбиппит, чохпутун үрдүк сиргэ таһаарбыппыт. Онон уу кэлэригэр бэлэм олорбуппут, туох да айманыы суох, кэлиэхтээх орто уу кэлбитэ. Билигин помпанан уу бырахтара сылдьабыт.
Сарсыҥҥы күнүгэр уу арыый намтаан ыраас уу массыыната У.А. Николаев Хатырык нэһилиэньньэтин ыраас уунан хааччыйбыта.
Ити курдук үлэһиттэрбит күн бүгүҥҥэ диэри чөлүгэр түһэриигэ үлэлии сылдьаллар.
П.П. Пестряков гаас хаһаайыстыбатын биригээдэтин аҕалан, бииргэ үлэлиир коллегабытыгар Хатырыкка баран дьиэтин малларын-салларын быыһыырга күүс-көмө буолла.
Бу күннэргэ Модукка мотопомпанан уолаттарбыт уу бырахтараллар. Бырахтарыы түмүгэр уу лаппа аччаата. Биһиги бииргэ үлэлэһэр “Энергосберегающие технологии” тэрилтэ салайааччыта В.В. Сыромятников пушка, помпа биэрэн көмөлөстө.
Билигин тэрилтэбит иһигэр көмө харчы хомулла турар. Түгэнинэн туһанан, генеральнай дириэктэрбит Николай Васильевич Игнатьев күүс-көмө буолбуттарга улахан махталын тиэрдэр.
Светлана Попова – Дайаана