Нам сэлиэнньэтигэр 9-с таас дьиэ үлэҕэ киирдэ. Нам сэлиэнньэтигэр Ленская уулусса 18-гар “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” программанан 25 квартиралаах дьиэ үөрүүлээх арыллыыта буолла. Бэлиэтээн эттэххэ, Намҥа “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” федеральнай программа иккис түһүмэҕэ салҕанар.
Нам улууһун, Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалталара, “Фордевинд” ХЭТ салалта саҥа дьиэ хаһаайыттарын эҕэрдэлээтилэр, бары үтүөнү баҕардылар. РФ Президенэ Владимир Путин олоххо киллэрбит программатынан үгүс биир дойдулаахтарбыт саҥа дьиэлэммиттэрин, олорор усулуобуйалара тупсубутун улуус баһылыгын солбуйааччы Юрий Дьяконов бэлиэтиир.
“Аныгы олох сиэринэн, дьиэ кэргэттэр, ыаллар саҥа дьиэҕэ киириилэрэ – дьол. Олохтоох хаһаайыттар дьиэҕитин сөптөөхтүк көрөн-истэн, харыстаан олороргутугар баҕа санаабын этэбин. Дьиэҕит ыраас, сырдык буоллун. Хас биирдии дьиэҕэ үөрүү эрэ баар буоллун.
Саҥа квартира күлүүстэрин тутар дьоллоох күн үүммүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!” – диир Юрий Вячеславович.
“Фордевинд” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Владимир Горохов тэрилтэ аатыттан саҥа дьиэ хаһаайыттарыгар эҕэрдэ тылын эттэ. Ону тэҥэ, улуус, сэлиэнньэ олохтоох дьаһалталарыгар күүс-көмө буолбуттарыгар махтанна. Олоххо киирбит саҥа таас дьиэ дьон туһугар ис сүрэхтэн кыһаллан, хаачыстыбалаахтык тутуллубутун дириэктэр Владимир Николаевич бигэ тылын эттэ. Онуоха, квартира күлүүстэрин тутааччылар дьиэ тас көстүүтэ кэрэтин курдук, уурбут-туппут курдук этээстэри дабайар чэпчэкитин, тутуһан тахсарга кирилиэстэрэ тупсаҕайын, табыгастааҕын бэлиэтииллэр.
“Дьоммут-сэргэбит үөрүүлээх түгэннэригэр кыттыһан тураммын, баһылык Петр Сокольников аатыттан эҕэрдэбин тиэрдэбин. Нам сэлиэнньэтин хаарбах туруктаах дьиэлэрэ тустаах программанан саҥа таас дьиэлэргэ кубулуйан туолалларыгар үлэлэр салҕаналларыгар баҕа санаабытын этэбит”, – диир Ленскэй нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Петр Владимиров.
Надежда Захарова:
— Бүгүн саҥа дьиэҕэ 2-с этээскэ 1 хостоох квартираланар дьоллоннум. Дьиэ тас көстүүтэ үгүгэй санааны үөскэтэрин курдук, ис өттө эмиэ олус үчүгэй. Биһиги аҕам саастаах дьон түһүүгэ-тахсыыга уустуктары көрсүөхпүт диэн санаалаахпыт. Холобура, аҕам саастаахтар куруук кирилиэһи хайдах дабайабыт диэн дьиксинэбит. Ол эрээри, бүгүн саастаах дьон 4-с этээскэ хайдах тахсыбыттарын билбэккэ да хаалбыттар. Ол курдук кирилиэстэрэ тутуһан тахсарга тупсаҕайдык, табыгастаахтык оҥоһуллубут.
Квартирам бэркэ былааннанан оҥоһуллубут. Биир бэйэм балконум киэҥиттэн-куоҥуттан үөрэ сылдьабын. Дьиэни үтүө суобастаахтык тутааччыларга махтанабын. Көтүөхпүн кынатым эрэ суох!
Харысхан Попов