Намҥа “Ийэ дьоло – оҕото” сэргэх тэрээһин ыытылынна

Алтынньы 20 күнүгэр “Үрдэл” дьыалабыай-кииҥҥэ “Ийэ дьоло – оҕото” диэн биир сааһыгар диэри оҕолоох ийэлэргэ сонун тэрээһин буолан ааста.

— Декреткэ олорор үс ийэлэр түмсүү тэрийэн, оҕо көрөн олорор ийэлэргэ анаан  тэрээһин оҥордубут. Уопсай темабыт: психологическай, төрөөбүт дьахтар доруобуйатын чөлүгэр түһэрии, оҕону сааһыгар диэри иитии, көрүү. Бу бастакы холонуубут буолар.

 

Дьокуускайтан йога тренерин Омолло Слепцованы ыҥыран, ийэлэргэ маастар-кылаас көрдөрдө. Намтан фитнес-тренер Саргылана Слепцова, нумеролог Венера Назарова, Намнааҕы психологическай киин психолога Арина Степановна кыттыыны ыллылар.

 

Туһалаах тэрээһиҥҥэ уопсайа 11 ийэ оҕотун илдьэ кэлэн кытынна. Аны сэтинньи 11 күнүгэр төлөбүрдээх клиниканы ыҥыран эрэбит, ханнык битэмиин тиийбэтигэр анализ туттарыахпыт. Ахсынньыга эмиэ тэрээһин былаанныыбыт.

 

Түгэнинэн туһанан, “Үрдэл” киин хаһаайыттарыгар Кутуковтар дьиэ кэргэттэригэр конференциялыыр саалаларын уларсыбыттарыгар уонна фотограф кыыспытыгар Лизаҕа махталбытын тиэрдэбит. Маннык тэрээһин ыытарга миэстэ булар кыһалҕа эбит, — диэн “Ийэ дьоло – оҕото” көрсүһүүнү тэрийсибит ийэлэртэн биирдэстэрэ Роза Новгородова кэпсээтэ.

«Эҥсиэли» хаһыат