Намҥа «Саха сирэ» ыалдьыттаата

П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтигэр бүгүн “Саха сирэ” хаһыат тэрээһинигэр СӨ Дархан этээччилэрэ биир дойдулаахпыт Валентин Хорунов уонна Марта Николаева ыалдьыттаатылар.

Валентин Хорунов-Дьэргэлгэн Олоҥхо дьиэтигэр 9 сыл устата таһаарыылаахтык үлэлээбитин этэр тоҕоостоох. Эдэр үлэһиттэр кинини истиҥ тылларынан ахталлар. Бүгүн Валентин Васильевич “Дьэргэлгэн” диэн аат Намнааҕы Олоҥхо дьиэтиттэн ааттанан тахсыбытын бигэргэттэ.

“Намҥа тахсан дьоммун-сэргэбин көрсөн дойдубар кэлэн турар курдук сананан турабын, отой. Оһуохайга тохтоотоххо, Дархан этээччи, ситиһиим бүтүннүү бу дьиэттэн уруһуйданан тахсыбыта. Онуоха бары нэһилиэктэргэ оһуохай тылларын таһаарбыппар Нам улууһун баһылыгар Юрий Слепцовка махтанабын.

Сахалар төрүт Оһуохайбытын улуус салалтата күүскэ өйүүр диэн этиэхпин баҕарабын. Ол туоһутунан буолар, Намҥа Оһуохай күнэ бэлиэтэнэр. Маны этэн туран, Нам сэлиэнньэтин баһылыга Петр Сокольников Оһуохайга икки илиитин уунан күүс-көмө буолар. Былырыын өрөспүүбүлүкэ аатыттан Петр Григорьевичка аарыма Оһуохай хартыынатын бэлэх ууммуммут”, – диэн Валентин Хорунов намнарга махтанар.

Саха сирин үрдүнэн билигин хаһыаттарга чэпчэтиилээх сурутуу бара турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ аҕам саастаахтар тутуспутунан төрөөбүт улуустарын сонуннарын “Эҥсиэли” уонна өрөспүүбүлүкэҕэ туох буола турарын “Саха сирэ” хаһыаттартан билэллэрэ, көхтөөхтүк суруталлара көһүннэ.

Харысхан Попов

Читайте дальше