Намҥа «Сүрэх сэргиир кэрэтин аныыбын» быыстапка аһылынна

Үтүө үгэспитин тыыннаах ситим оҥорон, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр дьоҕуру киэҥ эйгэҕэ таһааран “Сүрэх сэргиир кэрэтин аныыбын” диэн уран тарбахтаах Варвара Цыпандина быыстапката П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна энтография түмэлигэр кулун тутар 19 күнүгэр аһылынна.

2 Хомустаахтан төрүттээх Варвара Цыпандина оҕо сааһыгар ийэтэ күн сириттэн күрэнэн, Иннокентий Олесов бэйэтэ ииппит. Варвара олох кыра оҕо эрдэҕиттэн иистэнэр баҕалаах эбит. 4-с кылааска үөрэнэ сылдьан Торуойга бастакы быыстапкаҕа кыттыбыт, аан маҥнай куукула таҥаһын илиитинэн тигэн, онтон ыла санаата кэлэн, таптаабытын тигэр буолбут. Аҕатыгар үтүлүк, кээнчэ илиитинэн тигэр эбит. Онтон ыла иис абылаҥар ылларан, ис санаатыттан иистэнэрин сөбүлүүр буолбут.

Торуойга 8-с кылааһы бүтэрэн баран, Төҥүлүтээҕи профтех училищеҕа сон тигэр салааҕа иистэнньэҥ курсугар 2 сыл үөрэммит. Үөрэҕин бүтэрэн Намнааҕы быткомбинакка киирэн үлэлиир, өр өтөр буолбакка сүрэҕин аҥарын көрсөн ыал буолан, Мэҥэ Хаҥаласка олохсуйа хаалар уонна онно быткомбитакка үлэлиир. Варвара 5 оҕоҕо күн сирин көрдөрөр, оҕолорун көрөн олорон нэһилиэнньэҕэ сакааска араас таҥастары тигэр. Кэнники аччыгый кыыһын үөрэттэрээри куоракка көһөн киирэр. Оҕолорун улаатыннаран, барыларын үлэһит оҥортоон, билигин эйэҕэс эбээ буолан бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

Арчы дьиэтин иһинэн вокальнай ансаамбылга ыллыыр. Онно сылдьан төрүт сахалыы сон тигэргэ иис куруһуогун көтүппэт. Онно уһуйуллан илиитин алыбынан сахалыы таҥастары тигэн саҕалыыр. Билигин Дьокуускайга аҕам саастаах дьоҥҥо “Кыбытык” диэн куруһуогу 3-с сылын ыытар.

Варвара Иннокентьевна дьүөгэтэ Лидия Егоровна көҕүлээһининэн, үлэлэрин киэҥ араҥаҕа таһааран, кулун тутар 19 күнүгэр быыстапка тэрийдэ. «Дойдум дьонугар улахан махтал. Миигин көҕүлээн,, быыстапка оҥотторбуттарыгар ис сүрэхпиттэн махтанабын” – диэн Варвара Цыпандина санаатын үллэһиннэ. Сиһилии видеоҕа көрүҥ.

Лена Корякина