Атырдьах ыйыттан Намнааҕы «Эрэл” тыа хаһаайыстыбатын производственнай кооператива бэйэ бородууксуйатынан, улуус баһылыга Юрий Слепцов көҕүлээһининэн үп – харчы көрүллэн, мороженай түөрт көрүҥүн оҥорон атыыга таһааран саҕалаата. Бу туһунан «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата суруйда.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигын солбуйааччы Юрий Петров:
-Нам улууһугар бэйэбит оҥорон таһаарар бородууксуйабытыгар өссө биир саҥа хайысха баар буолла. ТХПК «Эрэл» баазатыгар Модуттааҕы сыаҕыгар мороженай оҥороллор. Мороженай 4 көрүҥнээх: клубничнай, шоколаднай, сливочнай, манго. Упаковката 200 грамм — 150 солк. Мороженайдар «Эрэл» фирменнай маҕаһыыннарыгар: «Эрэл-Эко», «Березка» маҕаһыын аттыгар турар киоскаҕа уонна «Эконом» маҕаһыыҥҥа атыыланаллар.
Улууспутугар олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы сайдан, араас көрүҥэ дэлэйэн иһэрэ нэһилиэнньэни үөрдэр. «Эрэл» ТХПК эт — үүт араас көрүҥүн бородууксуйата нэhилиэнньэҕэ хамаҕатык атыыланар. Инникитин үүт астан саҥа көрүҥнэри, уһун болдьохтоох аһы оҥорон таһаарыыга үлэлэһэр былааннах.
Майя Федорова