Намнааҕы киин баанньык саҥалыы тыын ылан ньиргиччи үлэлиэҕэ

Намнааҕы киин баанньык саҥалыы тыын ылан, аанын толору арыйара чугаһыыр. Ол курдук, баанньыкка капитальнай өрөмүөн баран түмүктэнэн эрэрин хаартыскалар кэпсииллэр.

Билиҥҥитэ киин баанньыкка эр дьоннор уонна дьахталлар график быһыытынан туһунан күннэргэ суунан бараллар.

“Күһүн буолла, баанньык өҥөтүгэр наадыйааччы биллэн турар, элбиир. Нэһилиэкпит үгүс салаатыгар, хайысхатыгар ыытыллар үлэлэр барыта кэмиттэн кэмигэр ситиһиллэригэр кыһамньыбытын уурабыт”, – диир Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников.

Харысхан Попов