Намнааҕы Олоҥхо дьиэтэ эргийэр сыананы атыыласта

П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн соҕотох эргийэр сыананы атыыласта. Бүгүн Намҥа Мэҥэ Хаҥаластан Альберт Новгородов биригээдэтэ сыананы таҥан бэлэмнии сылдьар. Маныаха маарынныыр сыана Үөһээ Бүлүүгэ баар.

Ол курдук, «Олоҥхо дьиэлэрин биир ситимин тэрийии, олоҥхоһуттарга, оһуохай этээччилэргэ уонна тимир уустарыгар судаарыстыба өйөбүлүн туһунан» бырайыагынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтэ бэйэтин бырайыагын көмүскээн сыана оҥоттороругар харчы ылбыта.

Санаттахха, Ил Дархан Айсен Николаев бэс ыйын 20 күнүгэр 2489 №-дээх «Олоҥхо дьиэлэрин биир ситимин тэрийии, олоҥхоһуттарга, оһуохай этээччилэргэ уонна тимир уустарыгар судаарыстыба өйөбүлүн туһунан» Ыйааҕар илии баттаабыта. Биир ситими тэрийиигэ Горнай, Нам, Кэбээйи, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар улуустара киирбиттэрэ.

Харысхан Попов