Нам улууһугар олунньу 13 күнүгэр З.А. Тихонова аатынан Намнааҕы «Түөлбэ» оҕо киинигэр үгүс өрүттээх, элбэҕи иҥэрэр, билиһиннэрэр, ааспыт сылы түмүктүүр, саҥа сылы саҕалыыр тэрээһин буолан ааста.
Ааспыт 2023 с. биллэриллибит сыллары түмүктээтилэр. Педагогтар үөрэнээччилэрин кытары тугу ситиспиттэрин, туох үлэни ыыппыттарын кэпсээтилэр. Ону көрөн-истэн киһи сөҕөр, оҕолор талааннара, дьарыктара үгүс эбит. Итиэннэ, 2024 сыл РФ Дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо спордун сылларын, Саха сиригэр пионерия тэриллибитэ 100 сылын уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр.
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн педагогтар үөрэнээччилэрин, төрөппүттэрин ыраастанар буруону унаарытан алаадьылаах көрүстүлэр. Библиотекарь Ольга Потапова саха тылын, суругун-бичигин, пионерия тэриллиитин туһунан кэпсээтэ. «Дьырылы» куруһуок салайааччыта Тамара Уваровская алгыс тылын анаата. Бары куруһуоктар салайааччылара үөрэнээччилэрин кытары дьарыктарын көрдөрдүлэр. Дьиэ кэргэн сылынан төрөппүттэр оҕолорун кытары саха таҥаһын кэтэн үтүө үгэстэрин сырдаттылар.
Дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ, улууспутугар биллэриллибит сыллар чэрчилэринэн, ол тематыгар сөп түбэһиннэрэн, оҕону сайыннарыыга үөрэх былаанын оҥорон үгүс үлэни ыыталлар эбит. Ол курдук, ааспыт педагог уонна наставник сылыгар аҕа саастаах педагогтар түмсэннэр бэйэлэрин уопуттарын, билиилэрин атастаһар сыаллаах эдэр уһуйааччыларга болҕомтолорун уурбуттар.
З.А. Тихонова аатынан Намнааҕы «Түөлбэ» оҕо киинигэр «Айылҕа доҕотторо», «Уус дьарыга», «Төрүт иис», «Дьырылы», «Билии-көрүү эйгэтэ» куруһуоктарга дьарыктыыллар. Итиэннэ, оҕолор «Сайдыс» бизнес-инкубатор хайысхаҕа, «Саһарҕа» телестудияҕа, «Анимастерс» эти-хааны чэбдигирдэр дьарыктарга сылдьаллар. Пионерия тэриллибитэ 100 сылынан «По страницам истории пионерии» бырайыак үлэлиир. Пионерия сайдыытын кэрэһэлиир, историяны сэгэтэн көрдөрөр быыстапка тэрийбиттэр. Урукку сылларга «Түөлбэ» пионердар дьиэлэрэ этэ диэн этэн туран, билигин сылдьар оҕолор утумнааччылар буолалларынан биир саастыылаахтарыгар холобур буолуохтаахтарын олус бэргэнник эттилэр.
Куруһуоктар ааттара да этэллэрин курдук үүнээйилэри үөрэтэллэр, көрөллөр-харайаллар, сибэкки арааһын олордоллор, Сахабыт сирин хамсыыр харамайдарын билсэллэр, үлэ, уус, иис араас ньыматыгар уһуйуллаллар, ырыа-тойук, фольклор көрүҥүгэр дьарыктаналлар, эти-хааны чэбдигирдэллэр, улууспут историятын чинчийэллэр, урбааҥҥа сыстан бэйэ оҥоһуктарын оҥороллор. Оҕолорбут сайдалларыгар, талааннара арылларыгар үрдүк категориялаах, эдэр эрчимнээх, киэн билиилээх педагогтар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Семен Аргунов