Дьокуускайга “Спортивные Якутяне” спартакиада суотугар киирэр мини-футболга күрэхтэһии буолбут. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин күрэхтэһиигэ кулун тутар 28-31 күннэригэр “Олимпик” спорт оскуола иитиллээччилэрэ оонньуур таһымнара үрдээбитин көрдөрбүттэр.
Күрэхтэһиигэ 237 спортсмен, 23 хамаанда кыттыыны ылбытыттан Нам улууһа 6-с миэстэҕэ тахсыбыт. Үчүгэй түмүк хамаанда түмсүүлээх буоларыттан, кыайыыга дьулуурдааҕыттан кэлэрэ бэлиэтэнэр.
Нам хамаандата маҥнайгы көрсүһүүгэ Тааттаны 4:0 ахсаанынан эрэллээхтик кыайбыт. Иккискэ Муоманы кытта 2:2 ахсааҥҥа оонньообут.
Нам футболистара былырыын үһүс миэстэ буолбут күүстээх Алдан хамаандатыгар түбэспиттэр. Оҕолор бэйэлэрин саастыы оонньооччулары кытта тэҥ оонньууну көрдөрбүттэр, 1:1 ахсаан. Пенальти түмүгүнэн, 4:3 оҥороннор алданнары туораталлар.
“Нам улууһа Дьокуускай хамаандатыгар сөптөөх утарылаһыы, харда оҥордо. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ, Уһук Илин кыайыылаахтарыгар 4:1 ахсааҥҥа сабырыйтардыбыт. Бэлиэтээн эттэххэ, Дьокуускай футболистара Нам уонна Нерюнгри эрэ боруоталарыгар 4 мээчиги киллэрбиттэрэ. Атын хамаандалары 16:0, 11:0 уонна 9:0 ахсаанынан кыайталаабыта”, – диир “Олимпик” дириэктэрэ Юрий Балаганскай.
5 миэстэ иһин Мииринэй куоракка 4:3 ахсаанынан сабырыйтарбыттар. Мииринэй өрөспүүбүлүкэ уонна Бүтүн Россия турнирдарын призердара буолар. Нам оҕолоро опыттаах оонньооччулары маҥнай 1:3 ахсаанынан кыайан испиттэр эрээри, оонньооһуннара аҕыйаҕа таайбыт. Мииринэйдэр 3:3 тэҥнээн баранна, бүтэһик 4-с голу свисток буолара 30 сөкүүндэ иһигэр киллэрбит.
“Кыайыыга уонна хотторууга хамаанда бииргэ тутуспутунан үүнэн-сайдан тахсыахтаах. Футбол хонуутугар хамаанда капитана Губскай Юра оонньууну сөптөөхтүк салайарга, алҕаһа суох ыытарга өссө да үөрэниэҕэ. Иитиллээччилэрбитин уонна тренер Вадим Моховы эҕэрдэлиибит”, – диир Юрий Сергеевич.
Харысхан Попов