Сотору Краснодарскай кыраай күннэрэ – Нам улууһугар
Тэттик билиһиннэрии:
НАТАЛЬЯ ПРОТОПОПОВА – НАТАЛИ
– Нам улууһун Салбаҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх
– СГУ суруналыыстыка салаатын бүтэрбитэ.
– Араас сылларга “Саха Сирэ”, “Киин Куорат” хаһыаттарга, Эстрада театрыгар, “Айар” кинигэ кыһатыгар үлэлээбитэ.
– СӨ Култууратын уонна Бэчээтин туйгуна, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Нам улууһун Салбаҥ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, “Нам улууһун сайдыытыгар барҕа кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайката, элбэх кинигэ ааптара, ону таһынан, өр сылларга култуура эйгэтигэр үлэлээн кэллэ. Дьоро киэһэлэри ыытар тамада, тэрийээччи быһыытынан киэҥник биллэр. Түөрт киинэҕэ артыыс быһыытынан оонньообута.
Натали – олоҕун тосту уларытартан толлубат, сылаас Хара муора кытылыгар тиийэн, кими да билбэппин диэн килбигийэн олорбокко саҥаны харса суох саҕалыыр, хас да үлэни тэҥинэн үмүрүтэр үлэһит киһи, кини хас биирдии күнүн былааннаан, туруоруммут сыалын-соругун кэмигэр ситиһэр үтүө өрүттээх. Төрдүс сылын Краснодарскай кыраайга олорор.
Бу күннэргэ Наталины кытта сибээстэһэн, соҕуруу дойду олоҕун туһунан ирэ-хоро сэһэргэстибит:
– Кэлиҥҥи сылларга Эн Краснодар куоракка олороҕун. Тоҕо чуолаан бу куораты талбыккыный? Биир дойдулаахтаргар кэпсии түс эрэ…
– Мин 2001 сыллаахха СГУ суруналыыстыка салаатын бүтэриэхпиттэн өр сылларга хаһыат кэрэспэдьиэнинэн үлэлээбитим. Сүүрбэччэ сыл тухары кур бэйэҥ кубулуйбакка куруук биир үлэттэн салҕан хаалар курдуккун. Кэлин ханнык эрэ атын куоракка олорбут, олохпун тосту уларыппыт, атын эйгэҕэ үлэлээбит киһи диэн саныырым. Бастаан утаа Москубаны харахпар көрөрүм. Онтон 2020 сыллаахха күһүн Сочига сынньана бара сылдьан бу дойдуну ис сүрэхтэн сөбүлээн, сылаас, муоралаах сиргэ кыстыырым дуу дии санаабытым. Өр толкуйдуу барбакка биир чымадааммын хомунаат, сэтинньигэ Сочига саҥа олоҕу саҕалыы кэлбитим. Сочи элбэх аралдьыйыылаах аныгы куруорт, кыһыннары күп-күөх пальма, сибэкки быыһыгар турар куорат буолан, дьиэ, куортам, ас-таҥас сыаната уһулуччу үрдүк. Ону таһынан Сочи туристическай куорат буолан барыта үксүн туризм эрэ буоллаҕа, атын эйгэҕэ үүнэргэ, сайдарга, үлэлииргэ кыах кыра. Ол иһин 2021 сыл сайыныгар Краснодарга көспүтүм. Краснодар миллионник куорат буолан үлэ, дьарык элбэх, бизнес, урбаан эйгэтэ олус сайдыылаах. Элбэх бизнес-кииннэр баар буоланнар предпринимателлэр олус түмсэллэр, араас үөрэхтэр, трениннэр, конференциялар тиһигин быспакка ыытыллаллар. Онон, миэхэ олус сөптөөх куорат диэн көрөбүн. Быйыл Краснодарга олорбутум үһүс сыла. Сочины аахтахха, төрдүс сылым буолар.
– Краснодарга саха төһө элбэх эбитий? Тугунан дьарыктанан, үлэлээн-хамсаан олороллоруй?
– Краснодарскай кыраай үрдүнэн саха олус элбэх. Бары араас куораттарынан тарҕанан олороллор. Краснодар сахалара бэйэбит ватсап бөлөхтөөхпүт, киһи элбэх. Бары бэйэ-бэйэбитин кытта билсэ-көрсө олоробут. Манна олорор сахалар араас үлэҕэ үлэлииллэр. Кэрэ аҥаардар үгүстэрэ риелтордар, сорохтор куйаар ситиминэн онлайн үлэлииллэр, араас марафоннары ыыталлар, кимнээх эрэ атыы-кутуу эйгэтигэр урбааннаахтар. Ону таһынан, массыыналаах сахалар туризм эйгэтигэр араас туурдары, экскурсиялары тэрийэллэр, гостиницалары арыйаллар. Уопсайынан үлэ элбэх. Ким да үлэтэ суох таах олорбот.
– Бу куораты туох иһин сөбүлээтиҥ? Манна кэлии киһи олохсуйарыгар олохтоох дьон сыһыана, дьиэ сыаната хайдаҕый?
– Краснодар – Краснодарскай кыраай киин куората буолар. Манна быһа холуйан, 3 мөл. киһи олорор. Кэлиҥҥи сылларга куорат түргэнник улаатан эрэр. Бастатан туран, бу соҕуруу эрэгийиэн буолан, айылҕата сылаас. Ол иһин Саха сириттэн эрэ буолбакка, Арассыыйа араас куораттарыттан көһөн кэлэллэр. Дьон сыһыана үчүгэй, араас омук барыта олорор, онон омугунан атааннаһыы диэн суох.
– Сайын Саха сиригэр сайылыы кэлэҕин, муора саамай сылыйбыт курортнай сезон үгэнигэр тоҕо анараа хаалбакка манна кэлэҕиний? Үгүс саха дьоно сайын муораҕа бара сатыыр дии…
– Сахам Сирин сайынын туохтааҕар да ордоробун. Сотору-сотору дьоммор-сэргэбэр, дьиэ кэргэммэр кэлэбин. Сайын Намҥа, Тааттаҕа сынньанабын, аймахтарбын көрсөбүн, итиэннэ араас тэрээһиннэргэ тамада, ыытааччы быһыытынан үлэлиибин. Бу да сайыммын дойдубар атаарар былааннаахпын.
– Саҥаттан-саҥа куораттары көрөргүн, айанныыргын сөбүлүүр киһи төһө элбэх сиргэ сырыттыҥ? Краснодартан айан чугас, чэпчэки да буолуо…
– Краснодартан элбэх куораттар, чуолаан, Крым, Кавказ өрөспүүбүлүкэлэрэ чугастар. Мин Чечняҕа, Домбайга, Кабардино-Балкарияҕа, Адыгеяҕа, Калмыкияҕа сырыттым, ону таһынан, Пятигорскай, Железноводскай куораттарга сынньаммытым. Сочига, Анапаҕа, Новороссийскайга, Геленджикка барытыгар сылдьыбытым. Ол гынан баран үгүстүк сөбүлээн сылдьар сирим Сочи. Бу ыам ыйын өрөбүллэрин эмиэ Сочига атаардым.
– Натали, эн сотору кэминэн Нам улууһун нэһилиэктэринэн Краснодарскай кыраай күннэрин тэрийээри сылдьаҕын. Маннык санаа хайдах киирбитэй уонна туох сыаллаах тэрийэҕиний?
– Мин билигин недвижимость эйгэтигэр агент, риелтор быһыытынан үлэлиибин. Ол курдук, сахам дьоно Москубаҕа, Санкт Петербурга, Краснодарга, Сочига, Анапаҕа, Геленджикка, Владивостокка о.д.а. куораттарга дьиэ, кыбартыыра атыылаһарыгар көмөлөһөбүн. Үксүн Краснодарскай кыраайы кэпсии сатыыбын. Тоҕо диэтэххэ, соҕуруу дойдуга үбү угар быдан ордук уонна барыстаах. Сахам дьонун кытта куйаар ситиминэн эрэ буолбакка, тыыннаах көрсүһүүлэри тэрийэн, атах тэпсэн олорон сэлэһиэхпин баҕарабын. Бу кыһын саҥа дьылга кэлэ сылдьаммын Дьокуускайга, Намҥа бэйэтигэр уонна дойдубар Салбаҥҥа тэрийбитим. Аны үтүө үгэскэ кубулутан кэллэҕим аайы тэрийэр былааннаахпын. Намҥа эрэ буолбакка, Дьокуускай тэрилтэлэригэр эмиэ көрсүһүүлэри оҥоруохпун баҕарабын. Онтон от ыйыгар Таатта улууһугар тэрийиэм. Онон, миигин үлэ аргыстаах сайын кэтэһэр.
Билигин элбэх саха Москубаҕа, Санкт Петербурга, Краснодарскай кыраайга дьиэлэннэ, ким эрэ көһөн кэлэр, ким эрэ оҕолоругар ылар. Краснодарга наһаа үчүгэй аахсыйалар, бырагыраамалар бааллар. Дьиэ сыаната сорох оройуоннарга Дьокуускайдааҕар чэпчэки уонна бастакы усунуоһа суох ылыахха сөп. Ол туһунан бу сайыҥҥы тэрээһиннэрбэр кэпсиэм. Ыам ыйын 24 күнүгэр Партизаҥҥа, 28 чыыһылаҕа 1-Хомустаахха, 31 чыыһылаҕа Хатырыкка, бэс ыйын 4 күнүгэр Хамаҕаттаҕа Краснодарскай кыраай күннэрэ ыытыллыахтара.
– Натали, истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Онтон айар үлэҕэр туох былааннар баалларый? Суруналыыстыкаҕыттан олох тэйдиҥ дуо?
– Билигин көҥүл суруналыыс курдук сылдьабын. Суруйуох, айыах-тутуох санаам кэллэҕинэ сахалыы тыллаах хаһыаттарга бэчээттэнэбин. Ордук бэйэм үлэлии сылдьыбыт хаһыаппын “Киин Куораты” кытта билсэбин. Онон, суруналыыстыкаттан тэйбэппин. Инникитин биллэр турар, кинигэлэр баар буолуохтара. Саҥа бырайыактары толкуйдуубун, сыыйа олоххо киириэхтэрэ диэн эрэнэбин.
Марианна ТЫРТЫКОВА
Хаартыска: Наталья ПРОТОПОПОВА – Натали архыыбыттан