Аппааны бөһүөлэгэр И.Е. Винокуров аатынан историяны уонна кыраайы үөрэтэр түмэлгэ, балаҕан ыйын 4 күнүгэр киэһээ 6 чаастан, нэһилиэк баһылыгын дуоһунаһыгар кандидат Иван Дмитриевич Ноговицыны кытта көрсүһүү буолла. Саалаҕа 50-тэн тахса киһи: тэрилтэ салайааччылара, депутаттар, общественность, олохтоохтор толору мустан кыттыыны ыллылар.
Иван Ноговицын биэс сыл устата туох улахан үлэ, уларыйыы барбытын кылгастык сырдатта, ол кэнниттэн нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар анаммыт 15 хайысхалаах программатын сиһилии олохтоохторго билиһиннэрдэ.
Көрсүһүүгэ “Нам улууһа” МТ баһылыга Юрий Слепцов, Нам улууһун депутаттарын сэбиэтин председателэ Алексей Винокуров кыттыыны ыллылар.
Олохтоохтор ходуһаҕа киирэр күрүө ааннарын өрөмүөннээн муосталыырга, эрдэ өрөмүөн ыытарга, нэһилиэк дьаһалтатын тыраахтыра сайыҥҥы кэмҥэ өҥө оҥороругар, оҕо сынньанар былаһааккаларын тутуута, өрөмүөнэ, Граф Биэрэгинээҕи Намнааҕы техникум эбийиэгин тутуута, нэһилиэккэ үлэлии кэлбит эдэр учууталларга дьиэ боппуруоһа сытыытык турара, оскуола мастерскойун көһөрөн, тупсаран оҥоруу, нэһилиэк иһигэр бөх точкаларын көрүү-истии, суолларга суол быраабылатын бэлиэлэрин туруоруу о.д. а. этиилэри киллэрдилэр.
Түмүккэ Иван Дмитриевичка буолаары турар быыбарга ситиһиини, өссө таһаарылаах үлэни баҕардылар.
Надежда Сивцева