Бэҕэһээ, алтынньы 1 күнүгэр, Нерюнгри куорат уонна оройуон олоҕор дьоһун суолталаах үөрүүлээх түгэн — Максим Аммосов бюһун арыйар тэрээһин ыытылынна. Бу туһунан НЕРЮНГРИ NERULIFE телеграм канала иһитиннэрдэ.
Үөрүүлээх тэрээһин саҕаланыытыгар мустубут дьону Нерюнгри куорат баһылыга Илья Гудошник эҕэрдэлээтэ. Кини бу монумены бэлэхтээбит Ил Түмэн депутата Александр Кошуковка махтанна. Итиэннэ Максим Аммосов Саха сирин уонна Киргизия олоҕор ситиһиилэрин бэлиэтээтэ.
Салгыы Нерюнгри куорат бастакы тутааччыта Анатолий Шевченко эҕэрдэ тылын эттэ. Кини биллиилээх политическай деятель Максим Кирович республика уонна Нерюнгри куорат эрэ буолбакка, бүтүн дойду сайдыытыгар дьоһун кылаатын бэлиэтээтэ.
Митинг Максим Кирович Аммосов аатынан Нерюнгритааҕы 2-с №-дээх орто оскуола дириэктэрэ Ирина Терпугова тыл этиитинэн түмүктэннэ. Ирина Валерьевна миитиҥҥэ мустубут үөрэнээччилэргэ, коллегаларыгар уонна куорат олохтоохторугар барыларыгар туһаайан, бэлиэ историческай түгэн буолбутун бэлиэтээтэ.
Митинг сибэкки ууруутунан түмүктэннэ.
Майя Федорова