Никольскай эмчитэ – Суор ойуун

Саха өрөспүүбүлүкэтин араас муннуктарыгар эрэ буолбакка тас дойдуга тиийэ биллэр Нам улууһун 2-с Хомустааҕыттан төрүттээх, Никольскай нэһилиэгин олохтооҕо, Норуот эмчитэ Александр Саввич Эверстов – Суор ойуун:

Дьоҥҥо көмөлөһөр баҕам улахан. Дьон ыарыыттан босхолонон махтанан эрийдэхтэринэ олус үөрэбин, астынабын. Өссө даҕаны дьоммор-сэргэбэр кыаҕым баарынан күүс-көмө буола сылдьыам. Оҕо сылдьан ойууннар, удаҕаннар тустарынан элбэҕи истэн улааппытым. 2015 сыллаахха дьиэ тута сылдьан, эмискэ ыалдьан, орон-тэллэх киһитэ буолбутум. Уҥар-таттарар этим, быраастар эпилиэпсик буолбуккун диэбиттэрэ. Онтон 2019 сыл сааһыгар Алдантан Айыы кыыһа Айыына кэлэн, суолбун аһан, үрдүк айыыларга чугаһатан биэрбитэ. Күүстээх энергияҕынан дьоҥҥун-сэргэҕин эмтээ диэн сүбэлээбитэ, итиэннэ дүҥүр оҥорор киһиҥ бэйэтэ көстүө диэбитэ.

Түөһүгэр кэтэр маҥнайгы дүҥүрүн Хамаҕатта нэһилиэгин олохтооҕо, СР уус-уран оҥоһугун маастара Мария Николаевна Аманатова Александр Саввич көрдөһүүтүнэн сиэлинэн оҥорбут. Мария Николаевна Айыы кыыһа Айыына эппит киһитэ буолан биэрбитэ.

Онтон Өлөксөөндүр кыралаан дьону эмтиир. Кэлин кини аата биллэн барбыта. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан эмтэнэ кэлэр дьон үксүлэрэ Никольскай нэһилиэгэр маҥнайгыларын хардыылыыр буолан, нэһилиэк историятын Өлөксөөндүртэн сураһан, ыйытан, үгүс саҥаны билэн астынан, эмтэнэн туйгун туруктаах дойдуларын булаллар.

2021 с. Бүтүн Россиятааҕы Норуот эмчиттэрин конференциятыгар киллэрэллэр, туоһу сибидиэтилистибэ уонна дастабырыанньа туттараллар.

2022 с. Александр Саввич Эверстов «Айылҕаттан күүс ылан…» диэн маҥнайгы кинигэтэ сүрэхтэммитэ. Бу кинигэҕэ эмчит олоҕо, үлэтэ-хамнаһа, дьону эмтиир ньымалара, киниэхэ эмтэммит дьон махтала киирбиттэрэ.

2023 с. «Благодатная сила природы»  диэн нууччалыы тылбааһын бэчээттэтэн таһаарар.

Бу сыл алтынньы саҥатыгар дьону эмтииригэр анаан туттубут көмүлүөк оһохтоох, сып-сырдык сахалыы тыыннаах балаҕанын малааһыннаабыта. Онон Александр Саввич сылаас-сырдык балаҕаныгар эмтээн, алгыстаан, сөптөөх сүбэлэри биэрэн өссө да элбэх кыһалҕалаах дьону атахтарыгар туруоруо, үйэлэрин уһатыа, үөрдүө-көтүтүө диэн эрэллээхпит.

Александр Саввич алгыстаах мааһынан хамсык ыарыыттан дьону эмтээн үтүөрдүбүт, атаҕар туруорбут улахан өҥөлөөх…

Эмтэммит дьон махталларыттан:

Уус-Алдантан Бурнашева М.П.: Мин инсульт ыарыы кэнниттэн нэһиилэ торуоскалаах, киһиэхэ өйөнөн хаамар этим. Билигин Александрга эмтэнэн баран, кини мааһынан соттон киһи өйөөһүнэ суох, торуоскалаах хаамабын, массыынаҕа көмөтө суох бэйэм холкутук тиийэбин, аны ыалларга, аптекаҕа эмиэ холкутук хааман тиийэбин. Онон үөрүүм баһаам, барҕа махталбын тириэрдэбин. Александр Саввич күн аайы телефонунан билсэ олорор, ыйыталаһар, хас биирдии эмтээбит киһитигэр кыһаллар.

Гермогенов А.А.: Бааһым олунньу ыйтан олох оспокко сордоон биэрбитэ, утуйбат да буолбутум. Онтон Александр Саввич бэйэтэ оҥорбут мааһын биэрбитэ. Ол мааһынан соттон, бааһым үс күнүнэн үтүөрэн хаалбыта. Сайын этэҥҥэ бааһым үтүөрэн, үөрүү бөҕө буолбутум. Александр Саввичка махталбын тиэрдэбин.

Чурапчы улууһуттан Обутовтар дьиэ кэргэн: Биһиги, Обутовтар дьиэ кэргэн, аҕабыт Обутов Василий 4-с стадия диэн диагноз туруорбуттара, химияҕа анаабыттара. Александр Саввич сүбэлээн, химияттан аккаастанан, киниэхэ кэлэн эмтэммиппит. Эмп ылан эмтэнэн, үс ыйынан чэпчээн үчүгэй буоллубут. Александр Саввичка махталбыт муҥура суох! Улахан махтал буолуохтун! Өссө да үлэҥ таһаарыылаах буоллун! 2023с.

Дьокуускай куораттан Малардыровтар дьиэ кэргэн: Мин, Малардырова Екатерина Николаевна, Аллайыаха туундаратыттан Дьокуускай куоракка олорор1-кы группалаах инбэлиит уолбун көрдөрө кэлбитим. Уолум 15 сыл кыайан хаампат, ол сыллар устата бүөрүнэн улаханнык ыалдьан медцентрга иккитэ киирэн аккаастаан таһаарбыттара. Онтон Александр Саввичка кэлэн эмтэнэн, алгыс ылан Москваҕа операцияланан, билигин Дьокуускайга кэлэн үөрэн-көтөн туран улахан махталын тириэрдэр. 23.02.2023с.

Ефремов Константин: Икки тобуктарым ыалдьаннар олох хаамтарбат, эрэй бөҕөнү көрөр этим. Араас мааһынан эмтэнэн көрбүтүм да туһа суох этэ. Онтон бырааппыттан эн тускунан истэн эйиэхэ баран эмтэммитим, биэрбит мааскынан икки ый курдук маастаммытым. Эйиэхэ эмтэнээт атаҕым хаамарбар чэпчээбитэ. Маастаннахпына тобуктарым сымныырга дылы гыналлар. Александр Саввичка улахан махтал тылын этэбин!

12 сентября 2023 г. Макарова В. Е.: Меня зовут Макарова Вера Егоровна. В январе 2023 года поставили диагноз гепатоцеллюлярный рак с внутриорганными mts. С февраля по май месяцы этого года ездила 2 раза в Южную Корею, сделали 3 раза эмболизацию. В ЯРОДе в Якутске прошла таргетную и иммунную терапию. А 12 августа этого года я получила перелом шейки бедра. Начались сильные боли и отеки. Образовалась жидкость в животе. Моча была темного цвета. После перелома были сильные боли, нарушился сон, не могла спать из-за болей в ноге, получала обезболивающие уколы.

4 сентября 2023 г. обратилась за помощью к Александру Саввичу. На второй день лечения отеки спали, мочеиспускание нормализовалось, жидкость рассосалась. В первый же день лечения заснула без уколов.
Улучшилось общее состояние. Не могла поверить, что так быстро и эффективно можно получить результаты.
Хочу выразить Вам, уважаемый Александр Саввич, свою огромную благодарность за колоссальную помощь, за отзывчивость, за качественное лечение, за профессионализм в своем деле, за чудо, которое совершили! Будем дальше бороться с онкологией, и я уверена с такими неоспоримыми результатами Александр Саввич вылечит обязательно. Очень рассчитывала на помощь официальной медицины, но желаемых результатов пока не получила.
А вот Александр Саввич оказался настоящим чудотворцем. Вернул меня к жизни, вселил огромную веру на выздоровление. За очень короткое время его лечение дало колоссальные результаты, которых кроме ЧУДА, никак не назовешь.

Земной поклон и огромная благодарность за Вашу бесконечную доброту и теплое отношение. Желаю Вам и Вашим родным всего самого наилучшего и крепкого здоровья!

Эмчит сахалыы итэҕэлигэр сүгүрүйэн, инникитин да үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.

Сардаана СЕМЕНОВА