Никольскайга Кыайыы скверигэр мемориальнай бэлиэ аһылынна

Никольскай нэһилиэгэр Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Аҕа дойду сэриитин II ст. уордьан, «Японияны кыайыы иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» о.д.а. мэтээллэр кавалердара, 1944-1945 сылларга байыаннай корреспондент быһыытынан «Суворовский натиск», «Солдатская правда» хаһыаттарга үлэлээбит, сэрииттэн эргиллэн кэлэн эйэлээх олоҕу тутуспут Егор Павлович Иванов 100 сааһыгар анаммыт киэҥ ис хоһоонноох тэрээһин сэтинньи 30 күнүгэр ыытылынна.

Кыайыы скверигэр нэһилиэк баһылыга Алексей Кривогорницын оскуола үөрэнээччилэрин, ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитэр суолталааҕын, Кыайыыны уһансыбыт сэрии бэтэрээннэрин үйэтитэргэ сквери тупсарар үлэ барарын аҕынна, сэрии бэтэрээнигэр мемориальнай бэлиэни бэлэмнээбит Егор Павлович Иванов оҕолоругар, аймахтарыгар махтанна.

Кыыһа Анна Стручкова, И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педколледж преподавателэ, педагогическай наука кандидата, Саха сирин методиһа, РФ үлэтин бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна дьоһун олоҕу олорбут аҕалара 2023 сылга 100 сааһын туолбутунан, сэриигэ кыттыытын, үлэтин, олоҕун сырдатарга үлэлэһэллэрин, аймахтар мемориальнай бэлиэ оҥорбуттарын эттэ, мустубут дьоҥҥо махтанна. Кинилэр эҕэрдэлээн туран, фашистскай Германияны, немецкэй халабырдьыттары үлтүрүтүспүт, Кыайыыны уһансыбыт, уоттаах сэрии аннынан ааспыт бэтэрээн Егор Павлович Иванов үтүө аатын үйэтитэр мемориальнай бэлиэни арыйдылар. Ытык-мааны киһини кэриэстээн тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр.

И.С. Шарапов аатынан Никольскайдааҕы сири туһаныы түмэлигэр баһылык Алексей Кривогорницын, Е.П. Иванов кыыһа үлэ бэтэрээнэ, урбаанньыт, “Сардана” кафе хаһаайката Варвара Филиппова, улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Софья Кобякова быыстапка аалай лиэнтэтин быһа кырыйдылар. Түмэл үлэһитэ Светлана Протопопова, дириэктэр Прасковья Протопопова Е.П. Иванов олоҕун, сэрии сылларынааҕы кэмин, үлэтин сырдаттылар. Кинилэр бэтэрээн-буойун оҕолоро аҕаларын оскуолатааҕы тэтэрээттэрин, сэрииттэн ыыппыт үс муннук суруктарын, Японияҕа сылдьан оҥорбут, санаатын тиспит, уруһуйдаабыт альбомун, сэриигэ туттубут малларын о.д.а. сыа-сым курдук тутан, экспонат быһыытынан түмэлгэ бэлэхтээбиттэригэр махтал суругу туттардылар. Мустубут дьон быыстапканы кэрэхсии көрдүлэр.

Олохтоох административнай-култуурунай кииҥҥэ Е.И. Бубякина аатынан “Күндүл” НАК (дир. Елена Баишева, худ.сал. Клавдия Герасимова) тэрийиитинэн сэрии саллаатын Егор Павлович бойобуой суолун арыйар, сэрии кэннинээҕи олоҕун кэпсиир «Военкор Иванов Егор Павлович» кинигэни сүрэхтиир ахтыы киэһэтэ буолла. Баһылык Алексей Кривогорницын бэлиэ түгэнинэн эҕэрдэлээтэ. Онтон Никольскайдааҕы модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Василиса Ларионова кинигэни билиһиннэрдэ.

— Аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит Егор Павлович Иванов – Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ 2023 с. муус устар 25 күнүгэр 100 сааһын туолбута. Биһиги үйэтитэргэ сананан, кини уонна кэргэнэ Александра Ивановна Захарова автобиографиялара, кэргэнин балта Анастасия Ивановна Захарова ахтыыта, хаһыаттарга бэчээттэммит кини туһунан ахтыылар киирбит уонна хомуурунньукпут сүрүн сыалынан – оройуоннааҕы «Ленин суола» хаһыакка Нам оройуонун Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрин туһунан аҕабыт суруйбут ыстатыйаларын хомуйан, элбэх хаартысканы туһанан бу кинигэни таһаартардыбыт, — диэтэ матырыйааллары хомуйууну сүрүннээбит, бэчээккэ бэлэмнээбит кыыһа Анна Егоровна уонна аҕатын, ийэтин туһунан иһирэхтик аҕынна.

Оҕо сааһыттан Е.П. Иванову бэркэ өйдүүр, улаатан, үлэһит буолан бииргэ алтыспыт Никольскай нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа Егор Леонтьев, Нам РайПО-гар өр сылларга кинини кытта бииргэ үлэлээбит атыы-эргиэн бэтэрээннэрэ Любовь Захарова, Анастасия Сивцева кини туһунан ахтыылары оҥордулар.

Кинигэ сүрэхтэнэр дьоро тэрээһинигэр Нам улуустааҕы кииннэммит библиотека дириэктэрэ Майя Софронова, НПК преподавателэ, бу үөрэх кыһатын түмэлин сэбиэдиссэйэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Прасковья Байанаева, улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Софья Кобякова уо.д.а. санааларын, эҕэрдэлэрин тиэртилэр, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Софья Дмитриевна бэтэрээн оҕолоругар А.Е. Стручковаҕа, В.Е. Филипповаҕа, СӨ үөрэҕириитин туйгунугар, Модут оскуолатын учууталыгар А.Е. Ивановаҕа, үлэ бэтэрээнэ Н.И. Ивановка аҕаларын аатын үйэтитэр үлэни ыыталларын иһин махтанна, уолугар Николай Егоровичка өйдөбүнньүк аалай лиэнтэни кэтэртэ.

Ахтыы киэһэни Никольскай начаалынай оскуола үөрэнээччилэрэ хоһоон ааҕан, сэрии бэтэрээнин сиэнэ Дмитрий Барабанов бэйэтэ, кини салайар “Коробейники” нууччалыы ырыа ансаамбылын солистката Марина Усова, Дмитрий Барабанов уола Нам 1 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Святослав Барабанов хоромуосканан доҕуһуоллаах нууччалыы ырыаларынан, “Күндүл” НАК ырыаһыттара, сцена бэтэрээнэ Илья Новиков, кийииттэрэ Евдокия Новикова сахалыы иэйиилээх ырыаларынан киэргэттилэр.

Ахтыы киэһэҕэ «Мы – поколение Z наследники Победы!» («Саҥа үйэ эдэр дьоно!») Е.П. Ивановка анаммыт бастакы улуустааҕы куонкурус түмүгүн таһаарыы буолла. Куонкурус балаhыанньатын Егор Павлович кыыhа Анна Егоровна Стручкова, Никольскай начаалынай оскуолатын директора Марфа Ивановна Шадрина, И.С. Шарапов аатынан Никольскайдааҕы сир түмэлин дириэктэрэ Прасковья Романовна Протопопова уонна нэһилиэк модельнай библиотека сэбиэдисэйэ Василиса Николаевна Ларионова сүбэлэрин холбоон оҥорбуттар.

Манна оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар байыаннай корреспонденнар айар үлэлэригэр аналлаах хоhоон ааҕыытыгар уонна байыаннай корреспонденнар тустарынан дакылаат суруйуутугар тургутуспуттар. Куонкуруска улуус 15 оскуолатыттан, Намнааҕы педколледжтан барыта 60-тан тахса үөрэнээччи, устудьуон кыттыбыт.

Түмүгү дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, Никольскай начаалынай оскуолатын дириэктэрэ Марфа Шадрина иһитиннэрдэ. Кини кыттааччылар хоһооннору өрө көтөҕүллэн, кыһаллан иhирэхтик, истиҥник аахпыттарын, дакылааттары ирдэбилгэ эппиэттиир ис хоһоонноон суруйбуттарын бэлиэтээтэ. Бастыҥнар бары сэрии бэтэрээнэ Е.П. Иванов оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара туруорбут энциклопедияларынан, справочниктарынан, араас ис хоһоонноох кинигэлэринэн, дипломнарынан, сертификаттарынан бэлиэтэннилэр.

1-4 кылаастарга хоhоон ааҕыытын кыайыылаахтара:

Гран ПРИ — 1 Хомустаах орто оскуолатын 4 кылааhын үөрэнээччилэрэ (Петр Тобуруокап, «Биэс сурук», «Мин саллаат этим»);

1 м. —   Нам 1 №дээх орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ (Константин Симонов, «Тот самый день в году»);

2 м. —   Нам 1 №дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ (Архип Кудрин – Абаҕыыныскай, «Кытаат, саллаат»);

2 м. —   Никольскай начаалынай оскуолатын 1 кыл. үөрэнээччилэрэ (Петр Тобуруокап, «Саха хайыhардьыттарын ырыата»);

3 м. —   Хатыҥ Арыы орто оскуолатын 3 кыл. үөрэнээччитэ Гоголева Анжелика (Муса Джалиль, «Красная ромашка»);

3 м. —   Никольскай начаалынай оскуолатын 2 кыл. үөрэнээччитэ Герасимов Андрей (Петр Тобуруокап, «Москва салюттара»);

3 место —   Искра ситэтэ суох орто оскуолатын үөрэнээччитэ Дьяконов Дамир (Петр Тобуруокап, «Москва салюттара»).

5-9 кылаастарга:

1 м. — Нам 1 №дээх орто оскуолатын 5 ”б” кыл. үөрэнээччилэрэ (Константин Симонов «Песня о веселом репортере»);

2 м. — Нам 1 №дээх орто оскуолатын 5 «б» кыл. үөрэнээччилэрэ (Константин Симонов, «Родина»);

3 м. – Салбаҥ орто оскуолатын 5 кыл. үөрэнээччитэ Кривошапкин Владимир (Дьуон Дьаҥылы, «Ийэбэр»);

10 – 11 кылаастарга, устудьуоннарга:

1 м. – Нам 2 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Олесова Люба уонна 10 «б» кыл. коллектива (Маргарита Алигер, «Имя зажглось звездой»);

2 м. – Намнааҕы педколледж, ДО 21 3 к. устудьуона Ордахова Дария (Тимофей Сметанин, «Бухатыыр армия»)

3 м. – Намнааҕы педколледж ПО 21 Б гр. 6 киһилээх бөлөҕө (Константин Симонов, «Родина»).

Дакылаат суруйуутун 1-4 кыл. кыайыылаахтара:

Гран При – Хатыҥ Арыы орто оскуолатын 4 кыл. үөрэнээччитэ Сивцева Олеся 4 класс («Аркадий Гайдар – командир тимуровцев Советского Союза, основатель волонтерского движения»);

1 м. – Никольскай начаалынай оскуолатын үөрэнээччитэ Семенов Айсен («Иванов Е.П.- Аҕа дойду Улуу сэриитин ветерана»);

2 м. – Маймаҕа оскуола-саад үөрэнээччитэ Слепцов Николай («Аҕа дойду Улуу сэриитэ – саха суруйааччытын хараҕынан»);

3 м. – Хатыҥ Арыы орто оскуолатын үөрэнээччитэ Доромонов Тургун («Петр Тобуруокап  -байыаннай корреспондент») ;

5 – 9 кылаастарга:

1 м. – «Түөлбэ» оҕо эйгэтин киинэ, 5 кыл. үөрэнээччитэ Собакина Алина («И это наша слава… творчество писателей фронтовиков-Петр Тобуроков»).

10 – 11 кылаастарга, устудьуоннарга:

1 м. – Намнааҕы педколледж ДО 22 2 к. устудьуона Семенова Нина («Бөрүөлэрин ыстыыкка тэҥнээбитУлуу сэриигэ кыттыбыт буойун суруйааччылар»).

2 м. – Намнааҕы педколледж ПО 22 2 к. устудьуона Филиппов Николай («Мой прадедушка Егор Павлович Иванов – ветеран Великой Отечественной войны»).

Анна Егоровна Стручкова аҕаларын үтүө аатын үйэтитэр тэрээһини ыытарга бииргэ алтыспыт, өйөөбүт, көмөлөспүт тэрилтэлэр салайааччыларыгар махтанна, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда, дьоро киэһэ ыҥырыылаах ыалдьыттарыгар аҕаларын туһунан “Военкор Иванов Егор Павлович” саҥа кинигэни бэлэх уунна.

Касьян Олесов-Олук

 

 

 

 

Читайте дальше