Норуот маастара Татьяна Карамзина Ил Дархан стипендиятын тутта

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, СӨ Ил Дархана олоҥхоһуттарга, оһуохай тылын этээччилэргэ, тимир уустарыгар, норуот маастардарыгар — барыта 26 киһиэхэ стипендия туттарда. Нам улууһуттан стипендияны норуот маастара Карамзина Татьяна Алексеевна тутта.

Татьяна Алексеевна 47 сыл педагогическай стажтаах, Граф Биэрэгэр Намнааҕы техникум преподавателэ, призводственнай үөрэх маастара. Кини быһаччы салайыытынан уонна тэрийиитинэн улууска туос иһити тигии маассабайдык саҕаламмыта. Үгүс киһини үөрэтэн бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ маастардары иитэн таһаарда.

2017 с. “Туос иһити тигии” диэн кинигэ суруйбута. 2019 сылга “Гордость Якутии” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус “Норуот маастара” номинациятын финалиһа. Мандар Уус бырайыагынан Моҕол Ураһаны тиксибитэ. “Гордость нации” Бүтүн Россиятааҕы куонкуруска кыттыыны ылбыта. Бу курдук, Татьяна Алексеевна төрүт культурабыт сайдыытыгар, тарҕаныытыгар улахан өҥөлөөх, тарбахха баттанар Нам улууһун биир бастыҥ норуотун маастара буолар.

Туоһу суругу туппут, үгэс буолбут культурабытын илдьэ сылдьааччыларга, биир сыл устата ый аайы 30 тыһ. солк. көрүллэр. Төрүт дьарыкпытын тилиннэриигэ, үйэтитиигэ, сайыннарыыга уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыыга өҥөлөрүн, өрөспүүбүлүкэбит олоҕор-дьаһаҕар көхтөөх кыттыыларын, оҕону уонна ыччаты сайыннарыыга кылааттарын иһин бу бириэмийэ ананар. Үс сыл иһигэр 81 киһиэхэ Ил Дархан истипиэндьийэтэ ананна, ол иһигэр 2 олоҕун тухары ылар чиэскэ тиксибиттэрэ.

“Эҥсиэли” хаһыат

Читайте дальше