Нам улууһугар кырдьаҕастарга уонна инбэлииттэргэ анаммыт 65 миэстэлээх интернат-дьиэ балаҕан ыйыгар киирэрэ күүтүллэр.
Нам сэлиэнньэтигэр «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн, икки мэндиэмэннээх таас интернат-дьиэ 2021 сыл балаҕан ыйыттан тутуллан саҕаламмыта. Дьиэ бастакы сыбаайатын түһэриитин тэрээһинигэр кыттыыны ылбыт СӨ Ил Дархана быйыл бэс ыйын 12 күнүгэр сырыытыгар үлэ хаамыыта 70%-ҥа тиийбитин «АЭБ Капитал» ХЭТ генеральнай директора Игорь Борисов этэн турардаах.
Игорь Борисов, «АЭБ Капитал» ХЭТ салайааччыта:
– СӨ Ил Дархана бэйэтэ өйөөбүт тутуута буолан, Арассыыйа күнүгэр үлэ сырыытынан кэлэн көрбүтэ-истибитэ уонна дьиэни балаҕан ыйыгар бүтэрэргэ диэн сорук туруорбута. Билигин кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр ис үлэтигэр күүстээх үлэ ыытыллар.
Анастасия Заболоцкая, Намнааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэрин директора:
– 2019 сылтан нэһилиэнньэ олоҕун уһатар уонна тупсарар сыалтан Дойдуга «Аҕа көлүөнэ» федеральнай бырайыак үлэлиир. Саха сирин бырабыыталыстыбата, үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министерствота, Нам улууһун салалтата ситимнээхтик үлэлээннэр, «Аҕа көлүөнэ» бырайыагынан, билиҥҥи үйэ ирдэбилигэр толору эппиэттиир 65 миэстэлээх кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэрэ 2021 сылтан тутуллан саҕаламмыта.
Билиҥҥи олорор дьиэбит анал кырдьаҕастар дьиэлэригэр сөп түбэспэтин үрдүнэн, төһө да баар моһоллору көрүстэрбит, бэйэбит кыахпытынан бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир гына үлэлэһэн кэлбиппитин бэлиэтиибит.
Интернат-дьиэҕэ отучча сыл устата 300-кэ араас дьылҕалаах аҕам саастаахтар олорон аастылар. Бүгүҥҥү күҥҥэ, 24 үлэһиттээх интернат-дьиэ 30 кырдьаҕас дьон нус-хас олохтоноругар кыһанар, күүһүн уурар. Быйыл Намнааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр олорор интернат- дьиэлэрэ тэриллибитэ 29 сылыгар, балаҕан ыйыгар күүтүүлээх саҥа интернаппыт аанын аһарын бука бары үөрэ-көтө, долгуйа күүтэбит. Маннык улахан хамсааһыннар, бөдөҥ тутуулар барыылара билиҥҥи кэмҥэ хайдах салайааччылардаахпытыттан улахан тутулуктаах.
Маргарита Спиридонова, асчыт:
– Эрдэ усулуобуйабыт соччото суоҕа. Холобура, бэрт кыра хоско куукуналаах этибит. Ити курдук, электроплитаҕа кыараҕас сиргэ астыырга наһаа үчүгэйэ суоҕа. Ону тэҥэ, кырдьаҕас дьоммут остолобуойга бары киирэн олоруохтарын баҕарбыттарын да иһин, уочаратынан киллэрэн аһатарбыт. Оттон кыһыҥҥы тымныыларга хосторунан да аһатар күннэрдээх этибит. Итинник үлэлээн олорбуппут.
Билигин «Демография» национальнай бырайыагынан, улахан дьиэ тутуута бара турарыттан олус үөрэбит. Ол курдук, олохтоохторбут олохторо-дьаһахтара тупсуоҕа, үйэлэрэ уһуоҕа диэн эрэнэбит, кэтэһэбит уонна дьиэбит киирэрэ күнтэн күн чугаһыырын күүтэбит.
Харысхан ПОПОВ