Оҕолорго Бүтүн Россиятааҕы бырааптарын билэргэ көмөлөһүү күн чэрчитинэн, Н.М. Рыкунов аатынан Намнааҕы библиотекаҕа “Сокуон хараҕынан” ток-шоу, “Что? Где? Когда?” интеллектуальнай оонньуу буолбут.

Ленскэй нэһилиэккэ саастарын ситэ илик оҕолору кытта үлэлэһэр Общественнай сэбиэт көҕүлээһининэн тэриллибит “Что? Где? Когда?” интеллектуальнай оонньуу үтүө үгэскэ кубулуйан хаһыс да төгүлүн ыытыллар. Оонньуу ыйытыыларын бэлэмнээн библиотекарь Кристина Попова күүс-көмө буоларыгар олохтоох дьаһалта үлэһитэ Анна Слепцова махтанар.

Үөрүүлээҕэ диэн, быйылгы оонньууга Нам улууһун прокурора бэйэтинэн кыттыыны ылбыт. Соторутааҕыта прокурор Андрей Яковлев оҕо кыттыылаах тэрээһиннэргэ Намнааҕы прокуратура кыттыыны ылар буолуоҕа диэн иһитиннэрбиттээх.

Ол курдук, “Что? Где? Когда?” оонньууга эксперт быһыытынан прокурор Андрей Яковлев, Следственнай отделтан следователь Иннокентий Миронов уонна ПДН инспектора Арина Павлова буоллулар. Сокуон эйгэтигэр үлэлээччилэр бэйэлэринэн сыанабыл туруорбуттара, оҕолорго улахан болҕомтону, эрэли, астыныыны үөскэтэр.

Интеллектульнай оонньууга мустубуттарга Намнааҕы 1-кы нүөмэрдээх оскуола 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Святослав Барабанов эҕэрдэ ырыатын ыллаабыт.

Намнааҕы 1-кы, 2-с нүөмэрдээх оскуолалар, улуустааҕы гимназияттан уонна Намнааҕы техникум үөрэнээччилэриттэн булкаастаах 5 хамаанда туруоруллубут. Кыайыыны “Боотурдар” хамаанда, иккиһи “Көтөрдөөхтөр” уонна үсүһү “Ватсап” хамаанда ылбыттар. Оттон “Лучший знаток игры” анал бэлиэнэн Намнааҕы техникум 1-кы куурсун устудьуона Сидоров Вася наҕараадаламмыт.

“Интеллектуальнай оонньууга барыта 50 оҕо кыттыыны ылла. Кыайыылаахтарга мэтээл, грамота туттарылынна. Ыччат лиидэрэ Майя Румянцева DNS маҕаһыыҥҥа сертификат туруорбут анал бирииһин “Лучший знаток игры” хаһаайына ылла.
Судаарыстыба сокуонун, бэйэ быраабын, туох эппиэтинэһи сүгэргин билиэхтээххин. Оонньууттан үгүстэр билиилэрин хаҥаталлар, толкуйдарын тургуталлар, бэрэбиэркэлэнэллэр”, – диир дьаһалта үлэһитэ Анна Ильинична.

Харысхан Попов

Читайте дальше