Билигин дьиэ кэргэн балаһыанньатыттан тутулуга суох, оҕо куйаар сибээһин нөҥүө арҕааҥҥы култуураны иҥэринэ сылдьар. Итиннэ оҕоҕо бастакы олугу уурааччынан дьиэ кэргэнэ буолар.
Дьиэ кэргэн иһигэр ким былаастааҕын быһаарсыы, аймахтарынан бэрт былдьаһыы олох тутула буолла. Дьиҥ сөптөөх тутулга – бастакынан «ийэ уонна аҕа» буолуохтаах, иккиһинэн «оҕолор», үсүһүнэн кэргэнниилэр төрөппүттэрэ, онтон аймахтара. Дьиэ кэргэн тутулугар бастаан бэйэҥ уонна кэргэниҥ интэриэһин өрө тутаҕын. Онтон бэйэм төрөппүттэрим тоҕо үһүс миэстэҕэ турдулар диэн соһуйуоххут, кинилэри эн убаастыыгын, өйдөбүлгэр кинилэр эйигиттэн үрдүктэр, ол эрэн эн бэйэҥ тэриммит дьиэ кэргэниҥ суолтата эйиэхэ бастакы буолуохтаах. Эн ийэҕэр, аҕаҕар оҕоҕун, онон иккис турбутуҥ, тураҕын даҕаны.
Дьиэ кэргэҥҥэ төрөппүт соҕотох түгэнигэр, кини оҕотунаан тэҥҥэ турбат, бастаан бэйэтэ, ол кэнниттэн оҕото. Сороҕор оҕо интэриэһин өрө туталлар, бу таҥнары быһыы, өйдөбүл буолар. Маннык түгэҥҥэ оҕо төрөппүттэрин, улахан дьону убаастаабат, ытыктаабат буола улаатар. Онтон хас эмэ оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ кыра оҕо эрэ интэриэһин өрө туттахтарына – куоталаһыыны үөскэтэр, манна оҕолор сыһыаннарын икки ардыларыгар бэрт былдьаһыы баар буолар.
Психология үөрэҕэ этэринэн, дьиэ кэргэн иһигэр оҕо дьонун өйөбүлүн билэ улааттаҕына, инникитин бэйэтигэр эрэллээх киһи буолар. Онтон туора дьоҥҥо, биир саастыылаахтарыгар үтүө сыһыаннаах буола улаатара ийэ-аҕа икки ардыгар баар сыһыантан тутулуктаах. Хайа баҕарар ыалга өйдөспөт буолуу баар, онно кэргэнниилэр кыыһырсыбыт да түгэннэригэр бэйэ-бэйэни сирэй-харах анньыбыкка, үөхпэккэ быһаарсаллара ордук.
Ийэ-аҕа сыһыаннарын сабыдыала оҕо олоҕор олус күүскэ дьайар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн көрөн улаатар уонна ону бэйэтэ да билбэккэ өйүгэр-санаатыгар, этигэр-хааныгар иҥэринэн олоҕун устата илдьэ сылдьар. Онтон оҕо төрөппүттэриттэн хомойбутун, атаҕастаммытын өйүгэр илдьэ сылдьара кини оҕолуу толкуйа, ол аата туохтан хомойбутун ырытан, ырыҥалаан көрбөт. Манна биһиги, төрөппүттэр, оҕобутун мөҕөн баран, туохха сэмэлэммиттэрин быһааран биэрдэхпитинэ, оҕо кэлин бэйэтэ туох буруйу оҥорбутун өйүгэр ырытар буолар. Дьиэ кэргэн тутула ыһыллыбатах уонна ийэ-аҕа сыһыана убаастабыллаах буоллаҕына, кини олоххо ойоччу бэлэмнээх, итэҕэллээх буолар.
Ол курдук тэҥнээхтэрин, аймахтарын, төрөппүттэрин, туора да дьону убаастыырга, ытыктыырга үөрэтии билигин хаһааҥҥытааҕар да күүскэ турар. Оҕо хайдах эйгэҕэ, туох-ханнык дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибитэ кини киһи быһыытынан сайдарыгар, тус олоҕун оҥосторугар улахан сабыдыаллаах. Оннук оҕо бэйэтиттэн кыралары атаҕастаабат, кими баҕарар кытары эйэҕэстик сыһыаннаһар, туора дьоннуун толлубакка кэпсэтэр. Оҕо саас – киһи үтүө буолан тахсарыгар сүнньэ ууруллар кэмэ. Ол иһин дьиэ кэргэн илэ-эйэтэ, балаһыанньата иитии суолтатыгар улахан оруоллаах.
Санатан эттэххэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи психология киинэ дьону учуокка туруорбат, дьон ыарахан быһылааҥҥа, балаһыанньаҕа түбэстэҕинэ, кыһалҕалааҕы бэйэтин кытта үлэлэһэн, сөптөөх суолу ылынарыгар көмө буолар.
Ким баҕарар биһиги кииммитигэр эрийэн кэлэн көмө ылыан сөп, өрөспүүблүкэтээҕи итэҕэл төлөпүөнэ – 122, 8-800-100-35-50, Нам улууһун итэҕэл төлөпүөнэ – 89659933719.
Нюргуяна Аргунова