Оҕо оҕону атаҕастыырын хайдах тохтотуохха сөбүй?

Буллинг (bulling) – англыйа тылыттан киирбит тыл, ол эбэтэр «сонордооһун», «бултаһыы» диэн тылбаастанар эбит. Буллинг диэн туох эбитий уонна маны хайдах тохтотуохха сөбүй? Уйулҕа идэлээхтэрэ бэлиэтииллэринэн, бу оскуолаҕа тахсар быһыы, үксүн алын уонна орто сүһүөх оҕолоругар көстөр.

Буллинг — кылааска, оскуолаҕа соҕотоҕун, эбэтэр бөлөҕүнэн уһун кэмҥэ биир оҕону атаҕастааһын буолар. Биир кылаас иһигэр буоллаҕына, кылаас барыта кыттыгастаах буолар. Сордооччу оҕо саҥатынан-иҥэтинэн атыттары быдан баһыйар буолар, оттон атаҕастанааччы бэйэтин сатаан көмүскэммэт, биир ол эбэтэр хас эмэ оҕо буолуон сөп, кылаас иһигэр баар оҕолор саҥата суох кыттааччы буолаллар.

Туораттан көрөр, истэр оҕолор атаҕастанааччыны көмүскээбэттэр, кэтээн көрөллөр, ол эрэн бу оҕолор эмиэ психологическай охсууну ыла сылдьаллар. Үксүгэр туораттан көрөр оҕолор сордооччуну үтүктэн, күлэн-салан сороҕор бэйэлэрэ эмиэ хаадьылаан бараллар. Бу түмүгэр атаҕастанар оҕо өрөһүлтэтэ суох психологическай баттааһыҥҥа күһэйиллэр. Маннык түгэҥҥэ атаҕастанар оҕо киһиэхэ итэҕэлэ сүтэр, ол иһин улахан дьоҥҥо кэпсээбэт буолар.

Онон улахан дьон, төрөппүттэр оҕолоргутун кэтээн көрүҥ, бу кэмҥэ кини майгыта-сигилитэ уларыйар: оҕо аһыан баҕарбат, кыраттан кыыһырар, оскуолаҕа үөрэнэ барыан баҕарбат, сотору-сотору ыалдьыан сөп. Сэниэтэ суох,
тулалыыр дьонугар итэҕэйбэт буолар.

Маннык быһыыны оҕоҕутугар бэлиэтээтэххитинэ, сэрэнэн сэмэлээбэккэ кэпсэтиҥ. Тугу кэпсиирин, кинини өйүүрдүү быһа саҥарбакка истиҥ. Кэпсэтии сатаан тахсыбатаҕына, ол эрэн үөһээ ыйыллыбыт быһыылары бэлиэтии көрдөххүтүнэ уйулҕа идэлээхтэригэр тахсаҥҥыт консультацияларга сылдьыҥ. Уйулҕа идэлээҕэ оҕолуун кэпсэтэн, араас ньымалары, методикалары туттан оҕоҕо көмөлөһүөҕэ.

Буллинг, эккирэтии буола турарын биллэххитинэ, учууталгытыгар, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыга тахсаҥҥыт бу быһылаан тохтобула суох уһун кэмҥэ буола турарын биллэриҥ. Бу быһылаан элбэх оҕо кыттыылаах буолан, оскуола бары үлэһиттэрин хабан уопсай үлэ ыытыллан эрэ кыайыллар.

Буллинг быһылааныгар сордооччу оҕо үксүгэр бэйэтэ эмиэ психологическай баттааһыҥҥа сылдьар буолуон сөп. Республикатааҕы психологическай киин Намнааҕы салаатыгар кэлэҥҥит, уопуттаах уйулҕа идэлээхтэрин кытта кэпсэтиэххитин сөп.

Санатан эттэххэ, республикатааҕы психологическай киин дьону учуокка туруорбат, дьон ыарахан быһылааҥҥа түбэстэҕинэ, бэйэтин кытта биир бииргэ үлэлэһэн, сөптөөх суолу ылынарыгар көмө буолар. Ким баҕарар биһиги кииммитигэр эрийэн тиийэн көмө ылыан сөп, республикатааҕы итэҕэл төлөпүөнэ – 122, 8-800-100-35-50, Нам улууһун итэҕэл төлөпүөнэ – 89659933719.

Нюргуяна Аргунова

Читайте дальше