Нам сэлиэнньэтигэр бүтэһик сылларга тупсарыы үлэлэрэ, саҥа тутуулар ыытыллыбыттара биллэрдик тута харахха быраҕыллар.
Наммыт саҥа таас дьиэлэринэн туолан, киһи хараҕын үөрдэллэр диэтэхпитинэ сыыспаппыт.
Ол курдук, олоххо киирбит таас дьиэ ахсын оҕо оонньуур былаһааккалара тутуллаллар. Бэлиэтээн эттэххэ, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев укааһынан элбэх квартиралаах дьиэ тутуллан киирэр түгэнигэр, хайаатар да оҕо оонньуур былаһааккалаах буолуохтаах.
Намҥа тутуулар өссө да салҕанан бара туралларынан, олохтоохтор баары харыстыырга, көрө-истэ сылдьарга ыҥыраллар. Чопчулаатахха, бэйэлэрин олорор сирдэрин ыраастык тутан-хабан холобур буолар элбэх квартиралаах дьиэ хаһаайыттара, түөлбэлэр аҕыйаҕа суохтар.
“Уопсай дьиэлэргэ оҕо былаһаакката бөҕө баар. Ол эрээри, көрдөххө хайдах эрэ, үксүлэрэ ыһыллаҕас соҕус курдуктар. Дьиэлээхтэр, бу эһиги дьиэҕит, эһиги оҕолоргут былаһааккалара! Эйэ-дэмнээхтик оҕо оонньуур сирин-уотун бары ыраастык тутан-хабан олордорбут, оҕолорбутугар уһуннук сулууспалыа, туруо этэ. Алдьаныы-кээһэнии таҕыстар да, тута көннөрөн, бөҕү-сыыһы хомунан өрө тардыныа этибит.
Биһиги саҕана, мас былаһааккаларга дуоһуйуохпутугар диэри оонньоон да биэрэр этибит. Наммыт күнтэн-күн тупсар. Оҕо сылдьан өйбүтүгэр ойуулуур араас былаһааккалар эбиллэллэр. Аныгылыы үчүгэйдэрэ да бэрт.
Куоракка да, улууска да буоллун, дьиэ хаһаайыттара хайдах буолаллар да, дьиэлэрин таһа эмиэ оннук буолуоҕа. Этэрим диэн, туох барыта көрүүттэн-истииттэн тутулуктаах!” – диэн санаатын үллэстэр Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Эрэл.
Мыымах кинээс саҕаттан салҕаммыт улуу, чулуу, Чаҕылхай Максим Аммосовтаах, Илья Винокуровтаах ыалдьытымсах дьонноох-сэргэлээх Нам улууһа инникитин үүнэ-сайда турдун!
Харысхан Попов