Нам улууһугар “Ребенок – главный пассажир” диэн акция ыытыллар. Суол сырыытыгар оҕону илдьэ сылдьыы туһунан ГАИ инспектора Ольга Павлова уһуйааннарга иһитиннэрии оҥорор.
“Суол хамсааһыныгар тахсыбыт суоппар, хас биирдии пассажир куттала суох айанныырыгар кыһаллыахтаах, хааччыйыахтаах. Чуолаан, оҕону тиэйиигэ болҕомто ууруллуохтаах.
Уруулга эрэллээх киһи олорор, ол эрээри, сэрэҕи төрүт умнумуохха! Быйылгы сылга икки оҕо эчэйиилээх суол быһылааннара тахсыбыттарын санатабын”, – диир Ольга Александровна.
Төрөппүт суол быраабылатын тутуһан оҕону массыынаҕа сөптөөхтүк илдьэ сылдьар кэмэ кэллэ диэххэ наада. Итинэн биһиги суолга куттала суох буолууну олохтуубут. Үгүс төрөппүт “Чугас эргин барарга-кэлэргэ туох буолуой” диэн санааҕа балыйтарабыт. Барытын “онтон” диэн уһуга биллибэт кэмҥэ утаарабыт.
Нам улууһун уһуйааннарын иитээччилэрэ, төрөппүттэр массыынаҕа оҕо кириэһилэтин булгуччу иилэргэ сүбэлииллэр. ГАИ инспектордара төрөппүттэри быраабыланы тутуһарга, оҕолору суол бэлиэлэрин билэргэ ыҥыраллар.
Харысхан Попов