Оҕолор истэригэр куйаар ситиминэн үөхсүү, бэйэ-бэйэни баттаһыы элбиир

Нам сэлиэнньэтигэр оҕо буруйу оҥоруута, бэрээдэги кэһиитэ аччаабат. Аныгы олох тэтимэ уларыйан, оҕо буруйу оҥоруута эмиэ уларыйар. Билигин үгүс төрөппүт үлэнэн олорор, сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри үлэлиир, оҕотугар бириэмэ тиийбэт курдук буолар. Оҕоҕо анал бириэмэ анаан, аһаҕастык кэпсэтэн, аралдьытан, бииргэ атаарар буоллаххына, оҕо киниэхэ тиийбэт болҕомтону атын сиргэ көрдүү барбат. Маны төрөппүттэр үчүгэйдик өйдүөхтэрин наада, төрөппүт тапталын, кини истиҥ сыһыанын ким да солбуйбат.

Оҕоҕо болҕомто тиийбэтиттэн буруйу-сэмэни оҥоруу элбиир. Кини иллэҥ сырыттаҕына буруйу оҥорууга тиэрдиэн сөп. Маннык буолбатын туһуттан, оскуола кэнниттэн бэйэтигэр сөптөөх дьарыктаах буолуохтаах. Ол курдук, улаатан эрэр оҕо куруһуоктарга, дьарыктарга сырыттаҕына күнүн сөпкө аттарар буола улаатар. Маны эмиэ төрөппүттэр хонтуруоллаан тэрийиэхтээхтэр.

Олохтоох дьаьалта иһинэн үлэлиир сокуоннай саастарын туола илик оҕо дьыалатыгар уонна кини быраабын көмүскүүр уопсастыбаннай сэбиэт араас хайысхалаах профилактическай үлэлэри былаан быһыытынан ыытар. Оскуола иһинэн төрөппүт мунньахтарыгар кыттыыны ылыы, тэрилтэлэринэн профилактическай лекциялары ааҕыы, урбаанньыттары кытта кэпсэтии, профилактическай буклеттары тарҕатыы, ый аайы рейдэлэри оҥоруу, оҕолорго, төрөппүттэргэ профилактическай тэрээһиннэри ыытыы.

Билигин оҕолор истэригэр ордук итирдэр утахтары иһии уонна гаас баллоннары сыттыыр идэ баар. Ону тэҥэ, түүннэри сылдьан электроннай табахтары тардыы, энергетиктары иһии бу оҕо бөҕөргүү илик доруобуйатыгар дьайыыта куһаҕанын оҕо да, төрөппүт да, бүтүн нэһилиэнньэ сөпкө өйдүөхтээх. Аны куйаар ситиминэн бэйэлэрин истэригэр сабыылаах бөлөхтөрү арыйаллар, араас хоп-сип тарҕаталлар, бэйэ-бэйэлэрин «сонордооһуу», «бултаһыы» (буллинг (bulling) – англ. тылыттан киирбит тыл) тахсар буолла. Маннык буолбатын туһуттан, хас биирдии төрөппүт оҕо 18 сааһын туолуор диэри эппиэтинэс сүгэрин өйдөөн оҕотун телефонун ылан хонтуруоллууругар баҕарбыт. Манна оҕо уонна төрөппүт сыһыаннарыгар өйдөһүү, өйөһүү баара биһирэнэр.

Оҕо эбээһинэс туһунан умна быһыытыйда. Бу эмиэ буруйга-сэмэҕэ тиэрдиэн сөп. Оҕо бэйэтин быраабын уонна эбээһинэһин билэрэ уонна тутуһара наада. Манна оскуола уонна уопсастыба эрэ буолбакка төрөппүт эмиэ болҕомто ууруон наада.

Хомойуох иһин, оҕо профилактическай учуокка турдаҕына эрэ, төрөппүт эппиэтинэскэ тардылыннаҕына эрэ, үгүстэр хойутаан бэйэлэрин сыыһаларын-халтыларын билинэн кэмигэр болҕомто уурбатахтарын өйдүүллэр. Оҕо бырааба хааччахтаммыт түгэнигэр, хас биирдии оҕо олорор сирин олохтоох дьаһалтатыгар уонна сокуоннай саастарын туола илик оҕо дьыалатыгар, кини быраабын көмүскүүр уопсастыбаннай сэбиэккэ биллэриэн сөп. Онтон Нам сэлиэнньэтигэр 41-352 нүөмэргэ эрийиэн сөп.

«Кэҥкэмэ» туристическай баазаҕа быйыл сайын «Ньургуһун» куонкуруска дьахтар түмсүүтэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Кинилэр улуус баһылыгын сертификатынан наҕараадаланан, көмөҕө наадыйар ийэлэрбитигэр анал трениннэр саҕаланнылар. Уопсастыбаннай түмсүүлэри улуус да, олохтоох да дьаһалта өттүлэриттэн өйүүр араас хабааннаах көмөлөр оҥоһуллаллара хайҕабыллаах, профилактика хайысхатыгар үлэлиир түмсүүлэр ааттарыттан махтал тыллары тиэрдэбит. Профилактика хайысхатыгар биирдиилээн буолбакка нэһилиэнньэ, уопсастыбаннас, тэрилтэлэр, төрөппүттэр бары түмсэн үлэлээтэхпитинэ кэнчээри ыччаппытын, оҕолорбутун куһаҕан дьайыыттан харыстыахпытын өйдүөх тустаахпыт.

Ленскэй нэһилиэк пресс-киинэ

Читайте дальше