Оҕолору иитиигэ «Эбээ үөрэҕэ» туһалыыр

Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгин «Үрдэл» түөлбэтэ иккис сылын «Эбээ үөрэҕэ» бырайыагынан оҕолору иитиигэ ылсан үлэлиир. Түөлбэ оҕолорун олохтоохтору кытта чугастык билиһиннэрии, төрөөбүт сирдэригэр тапталлаах сыһыаны иҥэрии соруктаах хайысханы тутуһаллар. Манна сүрүн тэрийээччинэн түөлбэ олохтооҕо, бырайыак ааптара Саргылана Индеева буолар, кини туох үлэ барбытын билиһиннэрэр:

— Быраҋыакпыт иитинэн оҕолорбутун Игнатьева Антонина Афанасьевнаҕа сырытыннардыбыт. Сүрдээх интэриэһинэй көрсүһүү буолла. Ол курдук, Антонина Афанасьевна тиэргэнигэр үүннэрбит тополь, акация, рябина, бузина, черемуха — сэдэх мастарын билиһиннэрдэ. Остуол оонньууларын хабылык, хаамыска оонньоон, сүүрэ, саһа буола оонньоон, чэйдээн, махтанан тарҕастыбыт.

Онтон салгыы Семенова Клара Егоровнаҕа сырыттыбыт. Эбээ Клара Егоровна саха ыалын дьарыгын: сүөһүнү көрүү-иитии туһунан билиһиннэрдэ, сахалыы дэлэй үрүҥ астаах остуолугар олорон кэпсэттибит, оҕолор арааһы ыйыттылар. Клара Егоровна саха аһын туһатын туһунан кэпсээтэ, буклет оҥорбутун көрдөрдө, билиһиннэрдэ, оҕолор бары сахалыы аһы сөбүлүүбүт диэтилэр.

Клара Егоровна отонноох күөрчэх ытыйан көрдөрдө, оҕолор астына алаадьылаан сиэтилэр. Ити курдук, бары да астынныбыт, үөрдүбүт, оҕолор ыалдьыт сиэригэр-туомугар үөрэннилэр, оонньоон сэргэхсийдилэр, эбээлэргэ махтаннылар. «Төрөөбүт дойдуга таптал тиэргэнтэн саҕаланар» — диэн оруннаах этиини тутуһабыт.

Мария Винокурова

Читайте дальше