Общественник дьиэтэ – дуобат, саахымат түһүлгэтэ

Намнааҕы общественник дьиэтэ күн тохтоло суох үлэлиир. Ол курдук, күн ахсын манна саастарыттан тутулуга суох дуобат, саахымат түһүлгэтэ тэриллэр, араас дьарыктар буолаллар.

Намнааҕы общественник дьиэтигэр улуустааҕы “Олимпик” спорт оскуолата оҕолорго дуобат уонна саахымат куруһуогун ыытар. Улуустааҕы спорт оскуолаҕа быйылгы үөрэх дьылыгар дуобакка 45 оҕо киирэн дьарыктанарын тренер Надежда Протопопова этэр.

Быйылгыттан “Олимпик” спорт оскуола иитиллээччилэрэ буолбут оҕолор өй оонньуутугар нэдиэлэҕэ иккитэ кэлэн бэйэлэрин тургуталлар эбит. Онуоха, оҕолор сынньалаҥнарыгар бириэмэлэрин сэргэхтик атаараллар эбит. Холобура, дуобат көрүҥэр сылдьалларын туоһулаан оҕолор сэргэхсийэн оонньууллара да киһини толкуйдатар оонньуурдар эбит.

Тус дуобат эрэ көрүҥүн кэпсэттэххэ, дуобат оҕо киһиэхэ бэрт элбэх үчүгэй өрүттэри биэрэр. Ахсааны соччо ахсарбат оҕо үөрэҕэр тардынар буоларын тус бэйэм хас да киһиттэн истэн турардаахпын. Аны туран, оҕо куруһуокка, эбии үөрэххэ уһуйааччы истиҥ сыһыанын сөбүлээн кэлэрэ, тардыһара эмиэ хаста да этиллэн турар.

Оҕо-оҕоҕо сыһыана уларыйар, доҕордуу буолууга кубулуйар. Ол курдук, атын-атын оскуолаттан биир сиргэ түмсүбүт үөрэнээччилэри дуобат ситимниир. Инникигэ ис сүрэҕиттэн кыһаллар тренер Надежда Георгиевна оҕолорго, төрөппүттэргэ дириҥ убаастабылы, тапталы ылар уһуйааччы буоларынан биллэр. Оҕо хараҕынан уһуйааччы ийэҕэ, аҕаҕа тэҥнэнэрэ – уйулҕаны көрөр дьиҥ чахчы педагог!

Бу үөрэх дьылыттан дуобат тренердэрэ биир сүбэҕэ кэлэннэр, хас бээтинсэ ахсын күрэхтэһии тэрийэргэ илии тутуспуттар. Мантан ыла нэдиэлэ бүтүүтэ улуус уһуйааннарыттан, оскуолаларыттан, спорт оскуолалартан эдэр дуобатчыттар билиилэрин тургутуохтара.

“Общественник дьиэтигэр киириэхпититтэн, оҕолорбутугар бары усулуобуйаны кыахпыт баарынан тэрийэбит. Ол курдук, дуобат көрүҥэр сылдьар оҕолор утаттахтарына анал уу кутар иһиттээхпит. Дьарыктанар сир эйгэтэ сырдык буоллаҕына, оҕо инникини көрүүтүгэр ырааска, кыайыыга талаһар.

Оҕоҕо сөптөөх эйгэ, хос тэриллибитигэр төрөппүттэрбэр муҥура суох махтанабын! “Киһи барытын бэйэтэ оҥорор” диэн мээнэҕэ этиллибэт”, – диэн кэпсиир Надежда Георгиевна.

Харысхан Попов

Читайте дальше