«Олимп» оҕо спортивнай лааҕыра үлэтин түмүктээтэ

Хамаҕаттаҕа «Олимпик» спортивнай оскуола иһинэн сайыҥҥы хонуктаах лааҕыр икки сезон үлэлээтэ. Ол туһунан бастакы сезоҥҥа начальнигынан үлэлээбит «Олимпик» гиирэҕэ тренерэ Иннокентий Окоемов сырдатта:

— Бастакы сезоҥҥа бэс ыйын 5-25 күннэригэр 20 оҕону хабаммыт боксаҕа Николай Иванов, дуобакка Надежда Протопопова дьарыктаатылар. Иккис сезон бэс ыйын 29 күнүттэн от ыйын 19 күнүгэр диэри методист Изабелла Массаева начальниктаах үлэлээтэ. Бу сезоҥҥа оҕолор бокс уонна футбол дьарыктарыгар сырыттылар. Кинилэри Дмитрий Захаров, Валерхан Охлопков үөрэттилэр. Лааҕырга улуус 40 оҕото  Е.М. Шапошников аатынан Хамаҕатта орто оскуолатын интернатын баазатыгар олордо, дьарык таһынан араас куонкурустарга кытыннылар, ыһыахтарга, табаарыстыы көрсүһүүлэргэ күрэхтэстилэр. Оҕолору Саргылана Тимофеева, Елена Ильина тотоойутук аһаттылар, доруобуйаларын туругун Ирина Григорьева кэтээн көрдө.

«Олимп» иитиллээччилэрэ спордунан эттэрин-хааннарын эрчийэн, сөбүлүүр көрүҥнэринэн дьарыктанан, үөрэн-көтөн, «эһиил көрсүөххэ диэри» дэһэн тарҕастылар.

Мария Винокурова

Читайте дальше