Бэҕэһээ биһиги нэһилиэкпитигэр олус сэргэх тэрээһин буолла. Ол курдук, Нам улууһун «Ытык киһитэ», Бартыһаан нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, СӨ култууратын уонна тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, норуот маастара, библиотечнай систиэмэ бэтэрээнэ Марфа Оконешникова 80 сааһын бэлиэтиир «Олоҕум оһуордаах кэмнэрэ» диэн үбүлүөйдээх истиҥ киэһэтэ тэрилиннэ.
Марфа Васильевна 1963 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран, «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» девиһинэн тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн библиотекарь үөрэҕэр үс сыл үөрэммитэ. Бүтэрэн баран талан ылбыт идэтигэр бэриниилээхтик биэнсийэҕэ тахсыар диэри библиотекарынан үлэлээбитэ. Сынньалаҥҥа тахсан баран бааһынай хаһаайыстыба тэрийэн үлэлээбитэ уонна хаһаайыстыбатын 2015 с. уолугар туттарбыта.
Ити кэмнэргэ үлэтин быыһыгар уһуннук нэһилиэк общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттар: дьахтар сэбиэтигэр, бэтэрээннэр сэбиэттэригэр, быыбар хамыыһыйатыгар, нэһилиэккэ ырааһырдыыны көрөр хамыыһыйатыгар, оройуон суутугар норуот сэтээтэлинэн сылдьар уонна агитзона салайааччытынынан үлэлиир. Ону таһынан, өссө
иис абылаҥар ылларан, норуот маастарыгар тиийэ үүнэр. Илиитигэр талба талааннаах Марфа Васильевна оҥоһуктарын быыстапката көрдөрүүгэ туруоҕа.
Полина Скрябина