Хатырыкка Улуу Кыайыы 79 сылынан, Ленинград блокадаттан босхоломмута 80 сылынан Ульяна Наумова суруйуутугар «Ленинградтааҕы дневниктэн» театрализованнай туруоруу сүрэхтэннэ. Бу өр сыл Хатырык оскуолатыгар учууталынан үлэлээбит Ленинград блокадатын кыттыылааҕа Александра Кирилловна Нектягаева ахтыытынан М.К. Аммосов ааттарынан Хатырык орто оскуолатын уонна СӨ судаарыстыбаннаһын историятын музейын архивтарын матырыйаалларыгар олоҕуран сурулунна.
Туруорууга Хатырык орто оскуолатын «Ситим» (сал. Татаринова Любовь Семеновна) уонна «Чэчир» (сал. Богдашина Марфа Прокопьевна) театральный куруһуоктарын оҕолоро улахан дьону кытта тэҥҥэ оонньоотулар. Сүрүн герой Шура Нектягаева оруолун — Диана Попова, Валяны — Айыына Федотова, Аняны — Марина Мухина, Микииппэри — Борис Иванов, командиры — Алеша Куличкин бэрт итэҕэтиилээхтик оонньоотулар.
Герцен аатынан Ленинградтааҕы хотугу норуоттар педагогическай институттарын профессорын, элбэх оҕо тыынын өрүһүйбүт деканын Николай Михайлович Ковязины —«Сайдам» НАДь үлэһитэ Николай Петров, нуучча эмээхсинин — Надежда Лукинова, почтальонканы — Раиса Охлопкова, баһаатай кыыһы — Марфа Богдашина, кыракый уолчааны — Богдан Горохов чаҕылхайдык арыйдылар. Уотун-күөһүн, контеннарын, музыканан киэргэтиини Семен Пестерев ситэрэн- хоторон биэрдэ. Туох баар реквизиттэри Евсей Дьяконов оҥордо. Ырыаны, үҥкүүнү Любовь Левина туруорда.
Көрөөччү «Ленинградтааҕы дневниктэн» театрализованнай туруорууттан долгуйбутун, уйадыйбытын өргө дылы ытыс хабыллар тыаһынан биллэрдэ. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Любовь Левина, «Сайдам» НАДь дьиэтин уус-уран салайааччыта.