Олохтоохтору сомоҕолуур, биир санаалыыр – Нам сэлиэнньэтин күнэ

Нам улууһун киинэ – Ленскэй нэһилиэк күнэ быйыл уратытык бэлиэтэннэ. Нэһилиэнньэ быйылгы бырааһынньыгы икки күннээх Нам сэлиэнньэтин күнэ диэн бэйэтэ ааттаата.

Нам сэлиэнньэтин олохтоохторун кытта бүгүҥҥү үөрүүлээх күнү улуус баһылыга Юрий Слепцов тэҥҥэ үллэһиннэ. Ол курдук, Юрий Иннокентьевич сэлиэнньэ күнүнэн эҕэрдэ тылын этээт, байыаннай дьайыы буола турарын ситимнээн олохтоохторго өссө төгүл бэйэ тула түмсүүнү ордук күүһүрдэр наадалааҕынан ааҕылларын санатта.

Нэһилиэк күнүгэр сыл устата ситиһиилэммит түөлбэ көхтөөх дьоно-сэргэтэ чиэстэнэр күнэ буоларынан биллэр. Үөрүүлээх күҥҥэ үлэнэн көрдөрбүт сэлиэнньэ олохтоохторо улуус баһылыгыттан, Ленскэй нэһилиэк баһылыгыттан наҕараада туттулар.

“Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, күммүт-дьылбыт ытыллар. “Эһиги күҥҥүт бүгүн” диэбиттии Ленскэй нэһилиэк күнүгэр үтүө күнү бэлэхтээтэ. Ол курдук, сотору кэминэн туох барыта уҕарыйан, күүтэр үөрүүлээх күннэрбит үүнүөхтэрэ, үксүөхтэрэ”, – диир Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников.

Тэрээһин эрэ барыта сүрэхтээх – бүгүн норуот отоннообут хасааһыттан аҕам саастаахтарбытыгар ананар “Кружка добра” акцияҕа үллэһиннэ. Холобура, байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Евгений Мохначевскай кыыһа Влада Мохначевская аҕам саастаахтарга сир астаабыт отонуттан иккис сылын аныыр.

Ыраах байыаннай дьайыыга кыттыыны ылар саха саллааттарыгар дойдуларын сылаас тыына араҥаччыллаатын диэн “Илии сылааһа” сетка баайыытыгар кыра оҕолор кыттыспыттара, бар дьону күүстээх ыҥырыыга сирдиир.

Бүгүҥҥү үтүө күнү Нам сэлиэнньэтин артыыстара, ырыаны, үҥкүүнү сэҥээрэр түөлбэ олохтоохторо ырыа ыллаан, үҥкүүлээн сэргэхситтилэр. Олохтоох дьаһалта олохтоохтору, ыалдьыттары бырааһынньыгы бэлиэтиир тордунан, плов аһынан күндүлээтэ. Бырааһынньык хас биирдии ыалдьыта түөлбэлэр үрдүк таһымҥа тэрийбит дьаарбаҥкаларын көрдүлэ-иһиттилэр, бэйэлэригэр наадалааҕы атыыластылар. Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл хаһааҥытааҕар даҕаны, түөлбэлэр төрүттэммиттэрэ 15 сылыгар күүскэ тэриммиттэр. Ол курдук, бэйэлэрин сирдэрин-уоттарын, салайааччыларын кэпсиир баннердары иилбиттэрин дьон сэргээбитэ көһүннэ.

Дьон тоҕуоруһа мустар тэрээһинэ, хайаатар да, күрэхтэһиилээх буолар. Ол курдук, түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт “Нам 15 лет” конкурс кыайыылааҕынан “Нэлэгэр” түөлбэ ааттанна. Онтон “Строительнай” уонна “Север” түөлбэлэр тахсаллар. Хас биирдии түөлбэ киэргэппит, симээбит дьаарбаҥката ааһан эрэр киһини тугунан эрэ угуйар, ыҥырар курдук уратылаахтарынан көстүбүтэ.

Салайааччы бэйэтэ туохха барытыгар сыстаҕас буолуохтаах диэбиккэ дылы, түөлбэ салайааччыта уонна депутат “Две звезды” конкурска талааннарын көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэ күрэхтэһээччилэр көрөөччүнү кытта хайдах сибээс туталларыгар, тутта-хапта сылдьалларыгар болҕомто уурда. Сыанабыл ирдэбилин толору “Строительнай” түөлбэттэн салайааччы Вера Прокопьева, депутат Анна Гоголева ааһаннар кыайыылаахтарынан ааттаннылар. Иккис үрдэл “Госстрах” салайааччыта Мария Решетниковаҕа, депутат Николай Жирковка бэриллэр. Үһүс үрдэли ыллылар – “Октябрьскай” салайааччыта Светлана Неустроева, депутат Владимир Сыромятников.

Норуот күүлэйэ спорт күрэхтэһиитэ суох ааспат. Нам түөлбэлэриттэн 63 кыттааччы дартс, корнхолл көрүҥнэргэ күрэхтэспиттэриттэн “Көччү” олохтоохторо кыайыылааҕынан таҕыстылар; иккис – “Базовай” кыттааччылара уонна үһүс – “Север” олохтоохторо.

Харысхан Попов

Читайте дальше