Олоҥхо саха норуотун тылынан уус–уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала, үйэттэн үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох айымньыта буолар.
Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи Федеральнай университет, Олоҥхону чинчийэр научнай институт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотеката, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Олоҥхо ассоциацията I Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дьыктаана” диэн аахсыйаны биллэрдэ. Аахсыйа сыала сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы уонна олоҥхо баай тылынан-өһүнэн билиини-көрүүнү кэҥэтии буолар.
Убаастабыллаах Нам улууһун олохтоохторо!
Эһигини, сэтинньи 28 күнүгэр күнүс 15.00 чаастан, Н.М. Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатын конференц-саалатыгар, сыл аайы ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо декадатын чэрчитинэн биллэриллэр «Олоҥхо дьыктааныгар» кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт! Дьыктааны ааҕар — СР үтүөлээх оһуокай этээччитэ, Нам улууһун Эҥсиэли оһуокайа түмсүү салайааччыта, ыччат муҥха олоҥхотун муҥутуур кыайыылааҕа, 2019 с. Нам улууһун олоҥхо ыһыаҕын кэскиллээх толорооччу, 2022 с. Үөһээ Бүлүү Олоҥхо ыһыаҕар улахан дьоҥҥо 2 үрдэл хаһаайына, «Олоҥхо-Баттл -2024» 3 үрдэл кыайыылааҕа Вера Цыпандина-Харыстаана.
Аахсыйаҕа 8-11 кылаас үөрэнээччилэрин онлайн-тест нөҥүө кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт! Бу сыылканан киирэн кыттын: https://new.nlrs.ru/
Н.М. Рыкунов аатынан Нам киин библиотеката