Олоҥхо киэҥ киэлитин сэгэтэн

Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, Н.М. Рыкунов аатынан Намнааҕы киин модельнай библиотекаҕа олоҥхо кинигэтэ сүрэхтэннэ. Абый улууһуттан төрүттээх Анна Хабарова – Айталы «Быралыйа Буура бухатыыр сыдьаана Өнүгүйэ Күн Өркөн бухатыыр» иккис кинигэтэ күн сирин көрдө. Кинигэ редактора Алла Руслановна Сельтюкова – Айаалла, уруһуйун Стручкова Айыына Геннадьевна оҥордо,  Дьокуускайга «Долун» кинигэ кыһатыгар бэчээттэннэ.

Анна Хабарова оҕо-уруу тэнитэн, сиэннэрин көрөн, иистэнэн Намҥа быр бааччы олохсуйбута номнуо 20 сыл буолбут. Тарбаҕар талааннаах иистэнньэҥ, 2021 с. «Алгыстаах иистэнньэҥ» анал аат хаһаайына. Үлэ бэтэрээнэ, «Хоһооннорум-кынаттарым», «Оҕо саас-сандал саас» хоһооннор хомуурунньуктарын, араадьыйаҕа ылланар, биһирэммит 20 ырыалар ааптардара.  «Тохтоо түгэн» ырыа Н. Протопопов матыыбыгар саха араадьыйатыгар хит буолла.

Көрсүһүүгэ «Айар кут» түмсүүттэн Данилова Зоя Николаевна – Кэкэрдэ, Россия уонна Саха Сирин доруобуйа харыстабылын туйгуна, Саха сирин ырыа айааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Регионнааҕы кэпсээнньиттэр уонна хоһоонньуттар сойуустарын салайааччыта, Тумусова Прасковья Алексеевна, Яковлева Валентина Иннокентьевна –Чэлгийээнэ, « Ситим» түмсүүттэн Евдокия Убарова –Чуохаана, «Дайар дор5ооннор», «Амма долгуннара», «Остуоруйа эйгэтэ» түмсүүлэр салайааччылара, «Отуу уота» биир түмсүүгэ айа-тута сылдьар  үөлээннээхтэрин истиҥ иһирэх тылынан  эҕэрдэлээтилэр, Нам мелодистара Ильина Елена Намчы, Лукин Аскалон Лукич,  Николай Протопопов  ырыалара тэрээһини киэргэттэ.

Анна Степановна быйыл 70 сааһын туолан, айар үлэ үгэнигэр сылдьар. Киһи эрэ мээнэ олоҥхону суруйбат, талааныҥ арыллан кырыыланан, күлүмүрдээн истин. Бу олоҥхо тарҕанан, оҕолорго оскуолаҕа туойуллан ылланара буоллар диэн баҕа санаа, эрэл баар. Түмүкпэр Анна бар дьонугар алгыһын ыытабын.

Саҥарар саҥам саталанан,

Санаалары сайҕардан

Сандаарыччы тыгыахтын.

Санаммыккыт сатаннын,

Тобулбуккут туолуохтун,

Баҕарбыккыт баар буолуохтун.

Кэнчээрилиир ыччаккыт

Кэнэҕэскилээх буоллун,

Ыччаттаргыт эбиллэн,

Ааккыт-сураххыт

Саха сирин тилийэ көтөн,

Сири сибиири сабардаатын.

Кристина Попова-Айаара, Н.М. Рыкунов аат. киин модельнай библиотека ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа библиотекара

 

Читайте дальше