Олоҥхо күнүн бэлиэтээтибит

Сэтинньи 25 күнэ – Олоҥхо күнэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит декада чэрчитинэн, И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара Олоҥхо күнүн бэлиэтээтибит.

Сарсыардаттан үөрэнээччилэр, үлэһиттэр бары сахалыы таҥастаах кэлбиппит. Оскуолабыт аактабай саалыгар мустан ыалдьыттары көрсүбүппүт. Ол курдук, «Чороон» норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ – «Дорҕоон» этнофольклорнай бөлөх кэлэн олоҥхо толорон, норуот ырыаларын ыллаан, саха төрүт инструменнарыгар оонньоон көрдөрдүлэр. Ньургуйаана Адамова олоҥхо толорон иһитиннэрдэ, Горьяна Стрекаловская сахалыы норуот ырыаларын ыллаата, Варвара Носкова хомуска оонньоон дьүрүһүттэ. Маны барытын саха төрүт инструменнарыгар оонньуур бөлөх доҕуһуоллаан киэргэттэ. Оҕолор олус сонурҕаан, сэргээн иһиттибит. Түмүгэр бары саха буоларбыт быһыытынан оһуохайдаатыбыт. Оһуохай тылын кулууп үлэһитэ Ньургуйаана Адамова таһаарда.

Ол кэнниттэн бары кылаастарынан тарҕаспыппыт. Бастакы учууталбытын Людмила Васильевнаны кытары кыргыттар отонноох күөрчэх ытыйбыппыт. Ийэлэрбит астаабыт алаадьыларын минньигэс күөрчэҕи кытта тото-хана сиэбиппит.

Ити күн олус интэриэһинэйдик ааспыта. Элбэх саҥаны биллибит, элбэххэ үөрэннибит. Маннык тэрээһиннэр өссө да буолуохтарын баҕарабыт.

Нарыйаана Охлопкова,

Хатыҥ- Арыы орто оскуолатын 5 кыл. үөрэнээччитэ

Читайте дальше