Саха буоларбыт быһыытынан төрөөбүт тылбытын умнуо суохтаахпыт диэн өйдөбүул барыбытыгар иҥэн сылдьар. Саамай улахан кылааппыт Олоҥхо буоларын бары билэбит. Оттон тыл кылаан чыпчаала – олоҥхо. Тыл баайын илдьэ сылдьааччы – олоҥхоһут.
Олунньу 27-28 күннэригэр З.А.Тихонова аатынан “Түөлбэ” оҕо Киинигэр оҕолору кыра саастарыттан олоҥхо эйгэтигэр уһуйар аналлаах «Олоҥхону олук оҥостон» күрэхпит 12-с төгүлүн ыытылынна.
Күрэхпит аһыллыытыгар кыттааччылары эҕэрдэлээтилэр: Дьячковская Н.Г., “Түөлбэ” оҕо Киинин дириэктэрэ, Маркова Нюргуяна Николаевна, Үөрэх управлениетын оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин салаатын сүрүн исписэлииһэ, Екатерина Парникова, “Дьырылыатта” фольклорнай кэллэктиип выпускницата.
Күрэххэ 7 уһуйаантан 7 бөлөх, биирдиилээн толорооччу уонна оскуолаттан биир бөлөх, икки биирдиилээн оҕолор кииристилэр. Уопсайа 67 оҕо кытынна. Уһуйааннар бэлэмнэрэ олус үчүгэй. Оҕолор ааҕар толоруулара тупсан иһэрэ бэлиэтэннэ: чоп-чобуотук, дорҕооннохтук ааҕар оҕо элбээбит.
Партизан “Кустук” оҕо уһуйааныттан Д.И. Кривошапкин суруйбут “Сур соноҕос аттаах Саар бухатыыр” олоҥхотун “Күн бытархайа” драмтеатрын иитиллээччитэ Рыкунов Сахайаар толорбута олус биһирэннэ. Салгыы бу олоҥхону бөлөҕүнэн толорорго үлэлэһэ сылдьалларын биллэрдилэр. 2 Хомустаахтан, Көбөкөнтөн кэлэн кырачааннар олоҥхолоон иһитиннэрбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Күрэҕи улуустааҕы семинар кыттыылаахтара – уһуйаан иитээччилэрэ киирэн истэн-көрөн таҕыстылар.
Дьүүллүүр сүбэ сыанабылынан Е.В. Соколова бириэмийэтин муҥур кыайыылаахтарынан Хатастааҕы «Хомус» уһуйаан “Кэскил” бөлөҕө, салайааччы Протопопова М.А. буолла. Бастакы үрдэлгэ – Партизаннааҕы “Кустук” оҕо уһуйаанын “Күн бытархайа” бөлөх, салайааччылар Мордосова С.И., Григорьева У.С.; иккис үрдэлгэ – Хамаҕаттатааҕы “Тускул” оҕо уһуйаана, салайааччы Олесова Н.Н.; үһүс үрдэлгэ Аппаанытааҕы “Сандаара” оҕо уһуйаана, салайааччылар Эверстова Л.П., Ноева С.А. таҕыстылар.
Нам сэлиэнньэтин 6-с №-дээх “Кыталык” оҕо уһуйаана “Үтүө үгэһи тутуһан толоруу”, Харыйалаах “Эрэл” оҕо уһуйаана “Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ”, Нам сэлиэнньэтин 7 №-дээх “Туллукчаан” оҕо уһуйаана “Кэскиллээх толорооччу” диэн анал ааттары ыллылар.
Түмүккэ Е.В.Соколова кыыһа Федорова Ефросинья Прокопьевна, сиэнэ Ньургун Прокопьевич Федоров кэлэн махтанан, эҕэрдэлээн кыайыылаахтарга Е.В.Соколова бириэмийэтин уонна бириистэрин туттардылар.
Оскуола үөрэнээччилэрэ олоҥхолорун улуустааҕы эбии үөрэхтээһин педагогтарын сэминээрин аһаҕас тэрээһинигэр толордулар. Оҕолор улахан сэҥээриини ыллылар. Бастакы үрдэли – Шадрина Эвилья, “Түөлбэ” оҕо Киинин “Дьырылы” фольклорнай бөлөх, Нам 2-с нүөмэрдээх оскуола 8 кылааһын үөрэнээччитэ; иккис үрдэли – Яковлева Зарина, Е.С.Сивцев-Таллан Бүрэ аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, “Кыайыыга дьулуур” анал ааты Партизан орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччилэрин бөлөҕө ыллылар.
Быйылгы сылга оскуола өттүттэн олоҥхонон кыттыыта олус мөлтөх. Пандемия да, атын тэрээһиннэр да мэһэйдээбиттэрин иһин, оҕолору олоҥхоҕо уһуйууга сөптөөх үлэ барбата көстөр.
“Сандаара” оҕо уһуйаана 10 сыл, “Кустук” уонна “Тускул” оҕо уһуйааннара 5 сыл уо.д.а. бу үгэс буолбут “Олоҥхону олук оҥостон” күрэххэ кыттан кэллилэр. Элбэх оҕону олоҥхоҕо уһуйан таһаарбыттара саарбаҕа суох. Ол гынан баран, оскуолаҕа кэлэн салгыы олоҥхонон дьарыктаммакка хаалаллара баар суол. Билигин “Эркээйи эргиирэ” оҕо уонна ыччат сайдар эйгэтин тэрийии программата үөрэх тэрилтэлэригэр киирэ турдаҕына, бу уһуйуллубут эбэтэр баҕалаах оҕолор дьарыктамматтара өйдөммөт. 2023 сылтан бу программанан улууспутугар пилотнай былаһааккалар тэриллэ тураллар. Онон оҕону төрөөбүт тылынан саҥарарын олоҥхону, тойугу, чабырҕаҕы, оһуокайы толоруунан ситиһии күүскэ барыан наада.
“Түөлбэ” оҕо Киинин аатыттан бииргэ үлэлэспит дьоннорбутугар: дьүүллүүр сүбэ састаабыгар Орлова С.А., Платонова М.А., Нам улууһун культура уонна духуобунай сайдыы управлениетын методистарыгар; Находкин С.А., Сыромятников В. В., П.П.Ядрихинского – Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин фольклор салаатын исписэлиистэригэр; Жергина Ю.П., үөрэх управлениетын иитии уонна эбии үөрэхтээһин салаатын сүрүн исписэлииһигэр; улуустааҕы культура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начальнигар Ядрихинскай С.П.; П.П.Ядрихинскай – Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо Дьиэтин дириэктэригэр Колпашникова В.В уонна “Дьырылыатта” фольклорнай кэллэктиип выпускниктарыгар махталбытын тиэрдэбит.
Даҕатан эттэххэ, улуустааҕы күрэх кэнниттэн Эвилья Шадрина республикатааҕы “Өбүгэ быстыбат ситимэ” диэн күрэххэ кытынна. Кини хомуска үһүс үрдэли ылан, Аммаҕа ыытыллар Олонхо ыһыаҕар кыттар чиэстэннэ.
О.И. Потапова, “Түөлбэ”оҕо киинин педагога, күрэҕи тэрийээччи