«Ожившие картинки» куонкуруска Маайы дьүһүйдүлэр

1 Хомустаах нэһилиэгин «Алгыс» НАК Маай бырааһынньыгын көрсө Сэбиэскэй кэм открыткаларынан хаартысканан дьүһүйэн көрдөрүүгэ «Ожившие картинки» куонкуруһу муус устар 25-30 күннэригэр ыытта.

Дьиэ кэргэн сылыгар уонна Үлэ, эйэ бырааһынньыгар анаммыт сонун куонкурус түмүгүнэн I Хомустаах нэһилиэгин «Улыбка» оҕо сайдар киинин коллектива (сэб. Баишева Нь.М., профком предс. Попова Л.Н.) кыайыылааҕынан тахсан «Кыталыктаах кырдалым» киинэҕэ 10 билиэт бириискэ тигистэ.

Куонкуруска Хатыҥ Арыыттан, Хамаҕаттаттан, Хомустаахтан, Нам сэлиэнньэтиттэн көхтөөхтүк кытыннылар. Бары кыттааччылар бүгүн, Маай бырааһынньык күн, дьиэ кэргэнинэн «Алгыс» норуот айымньытын киинигэр көстөр киинэҕэ сылдьыахтара.

Чопчулаан эттэххэ, «Кыталыктаах кырдалым» киинэ геройа Иван Дьячковскай — Кыталык Уйбаан 1 Хомустаах орто оскуолатыгар физика учууталынан, «Горизонт» кулууп салайааччытынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, элбэх ыччакка айылҕаны кытта алтыһыы кэрэ ситимин олохтообута.

Мария Винокурова