Партизан кырдьаҕастара муҥхаһыттарга махталларын тиэрдэллэр

Нам улууһун нэһилиэктэрин аайы муҥхалаан кыстыкка собо хаһаанар кэмнэрэ үгэннээн турар.

Партизан нэһилиэгин муҥхатын салайааччылара Пётр Новгородов, Петр Баишев уонна нэһилиэкпит дьоно байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар дьиэ кэргэттэригэр уонна аҕам саастаахтарга баай байанай бэлэҕиттэн бэрсэн үөртүлэр. Өссө биир куулу байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар көмө быһыытынан ууннулар.

«Сааһырбыт дьоҥҥутун умнубакка, көмүс хатырыктаахтан амсатаргытыгар, муҥхаһыттарга барҕа махтал буоллун. Дьэ, былыр сиэбит аспын — Бөҕөрүмэ соботуттан амсайар буолбуппуттан олуһун үөрэн олоробун. Байанайгыт өрүү өлүүлүү турдун».

«Эбиэт иннинэ маҕаһыыҥҥа сылдьан баран, рюкзакпын сүкпүтүнэн Сэкир Ойбонунан үргүлдьү аллараа ходуһанан бааһына диэкинэн дьиэбэр хааман кэлбитим, бакыакка муҥха кэһиитэ ыйанан турара. Дьиэҕэ киирэн телефоммун көрбүтүм, кэлэн барбыттарын туоһулаан хаартыскаҕа түһэрэн ыыппыттар. Муҥхаһыттарга, дьаһалта үлэһиттэригэр улахан махтал! Бары доруобай чэгиэн сылдьыҥ, баай Байанай сэтинньи ыйа — Күөх Боллох байанайыттан өрүү өлүүлээтин. Аар тайҕабыт үүнэ, чэчирии, уута-хаара дэлэйэ турдун. Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн үөрэ-көтө оҕолорбун күндүлүөм. Муҥха собото буһан остуолга ууруллара эрэ хаалла».

«Муҥхаһыттарга барҕа махтал. Үөрэ-көтө оҕолорбун күндүлүөм. Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн«, — диэн нэһилиэкпит аҕам саастаахтара махталларын тиэрдэллэр.

Полина Скрябина

Читайте дальше