Партизаҥҥа Ийэ тыл, сурук-бичик декадата ыытыллар

Партизаҥҥа хоһоону таптаан ааҕааччылар бөлөхтөрө саҥа бырайыагы олоххо киллэрдилэр. Ол курдук, аҕам саастаахтарбыт бэйэбит суруйааччыларбыт айымньыларыттан аудиокнига оҥороннор оҕолорбутугар аахтаран саҕалаатылар.

Партизан хомус куттаах нэһилиэк буоларынан, бу сылтан нэдиэлэтээҕи мунньахпытын олохтоох дьаһалтаҕа хомус тыаһыттан саҕалыыр буоллубут.

Төрүт тыл, сурук-бичик күнүгэр түмэл, библиотека үлэһиттэрэ уһуйаан орто бөлөх иитиллээччилэригэр «Айыыһыт дьиэ кэргэн — таптал уйата» диэн наһаа сэргэх тэрээһин оҥордулар.

Саргылана Мордосова, Сардана Харысхал, Снежана Шарапова иитээччилээх орто бөлөх оҕолоругар саха ыала саламалаах буолуохтаах диэн салама баайтардылар, оонньуу оонньоттулар. Тэрээһин нэдиэлэ устата салҕаныа.

Полина Скрябина

 

Читайте дальше