Партизаҥҥа сүрүн туруорсуу — оҕо саадын тутуута

Тохсунньу 25 күнүгэр Нам улууһун Партизаныгар «Нам улууһа» МТ дьаһалтатын 2023 сыллаах үлэтин отчуоттуур мунньаҕа буолан ааста.

«Нам улууһа» МТ ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуоттуур 3-с бөлөҕүн улуус дьаһалтатын дьыалаларын дьаһайааччы Петр Сергучев иилээн-саҕалаан илдьэ сырытта. Отчуоту аныгы кэм технологиятынан, бары салаалары хабар видеонан иһитиннэриини көрдүбүт. Ол кэнниттэн 2022 сыллаах туруорсуулар төһөтө туолбутун туһунан иһитиннэрдэ.

Отчуоту 60 киһи кэлэн иһиттэ. Уопсайа 10 киһи 21 ыйытыыны биэрдэ. Ол курдук, бэйдиэ сылдьар ыттары дьарыйыы туһунан, уот кыамтата тиийбэтин эттилэр. Чааһынай дьиэҕэ улахан өрөмүөн ыытарга харчы көрүллэрэ буоллар, «НКТЭ» АО дьону кытары дуогабардаһан убаҕас тобоҕу оботтороро буоллар диэн санааларын үллэһиннилэр.

Сайын үүт атыылаһыллар сыаната билиҥҥи курдук үрдүүрүн туһунан, киин балыыһаҕа сүрэх уонна харах быраастара тоҕо суохтарын ыйыттылар. Биһиги нэһилиэкпит балыыһатыгар быраас суох, ол иһин олус эрэйи көрөллөрүн, оскуолаҕа электрик штата суоҕа үлэлииргэ мэһэйдэри көрсөллөрүн о.д.а. эттилэр. Нам — Үөдэй икки ардыгар автобус сырыытын уонна Нам — Дьокуускай трассатыгар суол бэлиэлэрин сөптөөхтүк туруоран биэрэллэрин туруорустулар.

Сылын аайы күүстээх туруорсуубут саҥа конструкциянан оҕо саадын тутуу буолар. Хас биирдии ыйытыы биэрбит уонна этии киллэрбит нэһилиэкпит дьоно улууспутугар тутуу үлэтэ күүскэ ыытылларын этэн туран, билигин биһиэхэ тыын боппуруоспут оҕо саадын тутуута буолар диэн өссө төгүл тоһоҕолоон эттилэр.

Отчуокка мустубут дьон улууспут сайдарын, тупсарын көрө-билэ сылдьабыт диэн  «Нам улууһа» МТ ааспыт 2023 сыллааҕы үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.

Полина Скрябина