Партизан нэһилиэгэр муус ылыытыгар улахан субуотунньук буолла. Оскуола коллектива, үөрэнээччилэр, детсад, спортивнай саала, гаас уонна олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ муус ылан, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр, соҕотох ийэлэргэ, ветераннарбытыгар тиэйдилэр. Күүс-көмө буолбут дьоммутугар махтал буоллун, амарах санааҕыт уҕараабатын, дьон махтала алгыһынан тиийдин.
Нэһилиэкпитигэр кыра оҕолорго анаан араас тэрээһиннэр буолаллар. Ол курдук, оскуола учууталлара оҕолорго саха төрүт дьарыгын – муус ылыытын кистэлэҥин арыйдылар. Оҕолорбут инники олохторугар бэлэмнээх буоллуннар диэн бэйэлэринэн көрдөрөн, үөрэтэн биэрэллэр.
Музей үлэһитэ Сардана Хамаҕа кыыһа Харысхал:
— Сэтинньи 5 күнүгэр “Кустук” уһуйаан улахан бөлөх оҕолоругар “Сиэттиһиэх Кустук” диэн дьоҕус тэрээһин ыыттыбыт. Партизан нэһилиэгэр сэттэ омук норуота олохсуйан олорор. Норуоттар төрүт таҥастарын көрдөрөн, омук арааһын, кинилэр тылларын билиһиннэрдибит. Итиэннэ эбэҥки норуота оҕолоругар оонньотор “Табаһыт” оонньуутун билиһиннэрдибит. Бу оонньуунан оҕону үлэҕэ үөрэтэллэр эбит.
Оҕолорго “Тапталлаах Сахабыт сирин былааҕа” пазл оҥорон, ону хомуйтардыбыт уонна өйдөбүнньүк буоллун диэн хаартыскаҕа түстүбүт. Бүтэһигэр оҕолор төһө ылыммыттарын билээри ыйытык биэртэлээтибит, саамай элбэх ыйытыкка Саввин Тургун эппиэттээтэ, маладьыас, күрэххэ эмиэ – кини.
Ону таһынан, оҕо хайаан да сүүрэрин, мэниктиирин сөбүлүүр диэммит оҕолору күрэхтэһиннэрдибит. Уһуйааччы Оксана Васильевнаҕа махтанабын.
Полина Скрябина