Петр Максимов, анестезиолог-реаниматолог быраас: «Туспа отделение буолар баҕа санаабыт туоларын эрэнэ күүтэбит»

Нам улуустааҕы киин балыыһа стационарыгар анестезиолог-реаниматолог бырааһынан Петр Максимов үлэлиир уонна бу үлэни сүрүннүүр. Киһи доруобуйатыгар, олоҕор суоһуур түгэҥҥэ күнүстэри-түүннэри бэлэм сылдьыы ирдэнэр эппиэттээх үлэлээхтэр. Кини үлэтин туһунан санаатын үллэстэр.

— Интенсивнэй терапия палататыгар 4 быраас, 5 палатнай, 2 анестезистка ол эбэтэр эппэрээсийэҕэ уонна транспортировкаҕа кыттар медсиэстэрэ, 5 младшай медперсонал үлэлиир. Үлэһиттэрбит бары уопуттаахтар, бары үрдүк категориялаахтар. Хирургия отделениетын иһинэн үлэлиибит. Улуус киин балыыһатын реанимацията, куорат реанимациятын курдук, чопчу биир патологиянан, ыарыынан үлэлээбэт, кыра саҥа төрөөбүт оҕотуттан саҕалаан аҕа саастаахтарга тиийэ барыларын көрөр. Ол иһин палатабыт үлэтин многопрофильнай диэхпитин да сөп, онон быраастар үлэлиир эйгэбит кэҥиир.

Билиҥҥи туругунан хааччыллыыбыт үчүгэй, операционнайбытыгар киэҥник туттуллар саҥа наркозтуур-тыыннарар аппараттаахпыт, отделениебытыгар толору хааччыллыылаах тыыннарар аппарааттар бааллар. Техника, техника курдук, алдьаныыта баар, ону уһата-кэҥэтэ барбакка, «Медтехникаттан» көрө-истэ кэлэллэригэр сайаапка түһэрэммит, оҥорторон иһэбит.  Биһиги инструменнарбытын, туттар медицинскэй тэриллэрбитин мэлдьи дезинфекциялыыбыт, ол суурадыһына олус күүстээх састааптаах, инньэ гынан быһа сиэн түргэнник уоттуйар, эргэрэр. Аппарат бэйэтэ үлэлиир, оросхуоттанар матырыйаала сотору-сотору уларыйыан наада буолар. Итиннэ ыарахаттары көрсөбүт.

2023 с. түмүгүнэн палатабыт иһинэн 400-чэ ыарыһаҕы көрдүбүт. Кинилэртэн аҥардарын кэриэтэ ыарахан туруктаах ыарыһахтар, улахан бырыһыанын тымыр-сүрэх ыарыылаахтар ылаллар. Бу ыарыы сылтан сыл элбээн иһэрэ көстөр. Холобур, урут 60-70 саастаах дьон ыалдьар буоллахтарына, билигин оннооҕор 30-тан тахсыбыт эдэр дьон сүрэхтэринэн ыалдьар, инсуллуур. Манна төрүөтүнэн, кистээбэккэ эттэххэ, арыгы дьайыыта буолар.

Нам балыыһатыгар кэлбитим 14-с сылыгар барда. «Земскэй доктор» федеральнай программанан кэлэн үлэлии сылдьар бастакы эдэр быраастар буолабыт. Элбэх буолан кэлбиппит, болдьохпут бүппүтүн кэннэ, хаалан салгыы үлэлиибит. Оччолорго олус көхтөөх этибит, мин көҕүлээһимминэн түмсүү тэриммиппит, «Молодая гвардия» ааты ылыммыппыт. Элбэх араас профсоюз да, улуус да тэрээһиннэригэр кыттыбыппыт. Ону таһынан, ол сылларга 8 быраас уолаттар ырыа ансаамбылын тэриммиппит. Бастаан уолаттар сатаан ыллаабаппыт дииллэрэ, онтон үөрэтэн, бэйэлэрэ да ылларан, ыллыыр буолбуппут. Бу ааспыт үбүлүөйдээх сылбытыгар сценаҕа тахсан эмиэ ыллаабыппыт, дьон билигин да быраас уолаттар дииллэр. Оннук улахан таһымнаах ырыаһыттар буолбатарбыт да, дьон сөбүлүүр. Уопсайынан, ырыа куттаах сылдьар үчүгэй. Искусство эйгэтигэр сылдьар киһи элбэҕи ситиһэр уонна сырдыкка, ырааска талаһар киһи олоххо дьулуура күүһүрэр. Холобур, биһиэхэ стационарга күн аайы эппэрээссийэ да эппэрээссийэ, ити курдук быраас үлэтэ биир тэҥник ааһар. Урукку өттүгэр биллэр хирурдар бары ырыа куттаах дьон, өрөспүүбүлүкэҕэ биллибит улахан ансаамбылларга, ВИА буоллун, «Эрэл» үҥкүү ансаамбла буоллун барытыгар бааллар, аны биллэр мелодистар эмиэ элбэхтэр. Ол иһин күннээҕи үлэттэн аралдьыйарга, сынньанарга саҥа сүүрээн наада буолар. Биһиги отделениебыт эрэ буолбатах, киин балыыһа үлэһиттэрэ бары бэйэбит уонна улуус общественнай олоҕор, күрэхтэһиилэргэ буоллун, культурнай-маассабай тэрээһиннэргэ буоллун, көхтөөхтүк кытталлар.

Биһиги үлэбит олус эппиэтинэстээх. Ыарыыларынан идэтийбит быраастарга хайысхаларынан кэлэр эбит буоллахтарына, уратыбыт диэн — ким тугунан киирэрэ, кэлэрэ биллибэт: угаардаабыт киһи дуу, баһаартан эмсэҕэлээбит дуу, үөһэттэн сууллубут киһи дуу, эбэтэр улахан аһаҕас эчэйиилээх дуу о.д.а. туруктаах буолуохтарын сөп. Онно мэлдьи бэлэм буолуоххун наада, үлэбит, ардыгар, наҕыллык ааһыа, арыт дьон тигинэччи киириэ. Аны үлэ чааһын таһынан, суукка 24 чааһыгар хаһан баҕарар ыҥырыллыаххын сөп, мэлдьи олоххо эньиэргийэни күүһүрдэр «адреналин режимигэр» сылдьаҕын.

Мин санаабар, ханнык баҕарар балыыһа таһыма реанимацияттан көстөр дии саныыбын – толору медицинскэй тэриллэринэн хааччыллыытын уонна үлэһиттэринэн толору туолбут туругунан. Онон саҥа стационар үлэҕэ киириитигэр бэйэбитин көрүнэр туспа отделение буолар баҕа санаабыт туоларын эрэнэ күүтэбит.

Буолаары турар быыбары таарыйдахха, Президеммит Владимир Путин ыытар политикатын өйүүбүн уонна биһириибин. Дойдубутун сайыннарар элбэх национальнай бырайыактара үлэлииллэр, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэбитигэр араас программаларынан үлэ тэриллэр. Сайдыы барар, сайдыы көстөр. Ону барытын СМИ бары каналларыттан истэбит-билэбит.

Касьян Олесов-Олук