Петр Сокольников: “Нам күнэ – төрөөбүт түөлбэбит үөрүүлээх түгэнэ”

Нам олохтоохторо Ленскэй нэһилиэк күнүн үрдүк таһымнаахтык бэлиэтииллэрэ ахсааннаах хонук хаалла. Балаҕан ыйын 7 күнүгэр Намҥа төрөөн-үөскээн улааппыттар, Нам сирин-уотун сөбүлээн олохсуйбуттар тапталлаах сэлиэнньэбит бэлиэ күнүгэр түмсүөхтэрэ.

Тапталлаах Наммыт киинигэр М.К. Аммосов аатынан Набережнайга 11 чаастан атыы-эргиэн тэрийиэхтэрэ, атракционнар үлэлиэхтэрэ. Бу күн сэлиэнньэ түөлбэлэрэ бар дьоҥҥо анаан “Урожай-2024” дьаарбаҥкалары туруоруохтара. Улуус олохтоохторо, ыалдьыттар түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллар “Нам 15 лет” диэн конкурс кыайыылаахтарын билэн уруйдуохтара.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар дьиэлэригэр ананар үтүө үгэскэ кубулуйбут “Кружка добра” отон хомуйуутун акциятыгар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар “Илии сылааһа” сетка өрүүтүгэр хас биирдиибит баҕа санаабытын холбуохпут.

Күн ортото күнүс 12 чааска тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта буолуоҕа. Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников эҕэрдэ тылын дьонугар-сэргэтигэр аныаҕа, ситиһии көтөллөммүт олохтоохтору наҕараадалыаҕа.

Киэн туттар бастыҥ Набережнайбытыгар 19.00 ч диэри норуот мааны астаах остуолтан ас амтаннааҕын амсайыаҕа, оҕо-аймах күлүүтүн, оонньуутун көрөн дуоһуйуоҕа. Сынньалаҥҥа “Две звезды”, спорт күрэхтэрин көрүөхтэрэ. Аҕам саастаахтарбыт урукку эдэр кэмнээҕилэрин санааннар “Не стареют душой ветераны” баянынан доҕуһуоллатан үҥкүүнү-битиини өрө тутуохтара.

Нам күнэ киэһээҥҥи өттүгэр «Эҥсиэли» стадиоҥҥа “Мин тапталлаах Намым” бырааһынньыктааҕы кэнсиэринэн салҕаныаҕа. Айымньылаах дьоро киэһэҕэ Россия уонна Саха сирин эстрадаларын артыыстара кыттыыны ылыахтара. Көрөөччүлэр билиэттэрин нүөмэрдэринэн сүүйүүлээх оонньуу буолуоҕа. Кыайыылаах 100 000 солк. илиитигэр тутар дьолу билиэҕэ. Оттон ИП Сивцев А.И. туруорбут супер бирииһин идэһэни хайалара ылыай?

“Нам күнүн бэлиэтиир түгэҥҥэ олохтоохтор, ыалдьыттар ис сүрэхтэриттэн үөрэн-көтөн, күһүҥҥү сибиэһэй салгынынан толору тыыналларыгар, сырдык санаанан салайтаран баҕа санааны таска таһааран, күннэрин атааралларыгар этиэм этэ.

Бу күн бэйэ-бэйэҕэ үтүөнү баҕарыы эйгэтигэр киириэххэ, күммүтүн бэйэбит билэрбитинэн, санааҕа да астык буолар гына өйгө-санааҕа умнуллубаттыы хаалларардыы бигэтик оҥостон, тэринэн кэлиэххэ!” – диир баһылык Петр Григорьевич.

Харысхан Попов

Читайте дальше