Саҥарбат буолуохха сатаммат: Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр почта үлэтэ тоҕо атахтанна?

Хамаҕатта нэһилиэгэр почта сабыллан, дьон эрэйи көрөн эрэр. Чуолаан, аҕам саастаах дьон бу тымныыга  пенсияларын ыла Намҥа тиэстэргэ күһэлиннилэр. Уоттарын, гаастарын, бөхтөрүн, төлөпүөннэрин төлөбүрэ эмиэ баар. Хаһыакка, сурунаалга чэпчэтиилээх сурутуу хампаанньатыгар эмиэ хапсыбаттар. Ол туһунан ханна эмэ эттэххэ, “карточкаҕа көһүҥ ээ, төлөбүргүтүн онлайн ыытыҥ ээ” диэн бэрт судургутук этэллэр. Кырдьаҕас дьон барыта ону сатаабат дьыалата, сэрэҕэ да бэрт. Түөкүттэр наар кырдьаҕастары буулуур аатыраллар. Аны общественнай транспорт суох буолан, трассаҕа туран айан дьонун куоластаан Намҥа тиийэҕин, оннук төннөҕүн.

Почта үлэтин атахтаммыт төрүөтэ туохханый? Бастакынан, дьиэ олус эргэрдэ, сэбиэскэй кэмтэн ыла өрөмүөн да барбат, барыта былыргытынан турар. Ис-тас сыбаҕа саккырыы турар, сайын ардахха тэстэр, биир да аныгы миэбэл, тэрил, анал стеллаж, витрина суох. Котельнайын этэ да барбаккын.  Күһүн оттук сезона балаҕан ыйыттан саҕаланар буоллаҕына, бу дьиэҕэ алтынньы ортотугар ититиитин холбууллар, үлэһиттэр сонноох олорон үлэлииллэрэ сыл аайы хатыланар. Ис-тас бараана киһи кута тохтообот дьиэтигэр, туох да усулуобуйа суох сиригэр хайа эдэр киһи үлэлии кэлиэй… Иккиһинэн, кыра хамнаска ким сөбүлэһиэй? Онон өр сылларга бэриниилээхтик  үлэлээбит Малышева Александра Ивановна кэнниттэн хамаҕатталар эрэйи көрдүбүт. Кини кэнниттэн икки начальник үлэлии сатаатылар. Почтальон Людмила Михайлова пенсияҕа тахсыаҕыттан биир почтальон тиийбэт. Иван Ядрихинскай бүтүн дэриэбинэни сыыйан соҕотоҕун тарҕата сылдьар. Бу баар кыһалҕаны араас таһымнаах мунньахха клиеннэр да, баһылыктар да эппэт буолбатахтар. Бэбиэскэттэн түспэтэҕэ ыраатта эрээри, федеральнай таһымнаах аатырар, ааттыын “Почта России” диэн тэрилтэ, онон республика да, улуус да кыайбат диэх курдук. Дойдубут Президенигэр Владимир Путиҥҥа ким эмэ тиэрдиэ эбитэ дуу…

“Эрэйдээх этигэс” дииллэринии, баар кыһалҕаны ыйан туран, бу почтовай отделениеҕа начальнигынан өр сыл үлэлээбит, бар дьон махталын ылбыт Александра Малышева туһунан ахтыахпын баҕардым.

Александра Ивановна Хамаҕатта нэһилиэгэр “Комсомольскай” совхозка бухгалтерынан үлэлии сылдьан Намнааҕы  почтовай сибээс узелыгар переводунан көспүтэ. Хамаҕатта нэһилиэгин Кириэс Кытыл почтовой отделениетыгар 1982 сылтан 2018 сылга диэри 36 сыл устата почта начальнигынан  эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Оччолорго Кириэс Кытыл отделениетыгар икки дэриэбинэ киирэрэ: Хамаҕатта уонна Никольскай, Намнааҕы почтовай узелга биир улахан отделение буолара. Отделениеҕа начальник, оператор, икки почтальон, икки кочегар уонна сбербаантан контролер буолан үлэлээбиттэрэ. Кэнники нэһилиэнньэ кэҥээн үһүс почтальон көрүллүбүт, онон үс доставочнай  участок  буолбут. Ол кэмҥэ хайдах туох үлэлээн олорбуттарын Александра Ивановна кэпсээниттэн тиэрдэбин:

Үлэбит нэһилиэнньэҕэ араас өҥөлөрү оҥоруу, ол курдук телефоннай сибээс, араадьыйа  өҥөтө, почтовай переводтар, телеграмма, посылка тутуута, электроэнергия, гаас өҥөтүн иһин төлөбүрдэр. Нэһилиэнньэҕэ анаан переговорнай  пункт, «Союзпечать» табаардарын атыыта. Пенсияны дьиэҕэ  тиэрдэн биэрии, оҕо пособиетын төлөөһүн. Бу үлэ бары көрүҥэ илиинэн толоруллан квитанцияҕа тиһиллэр этэ. Ый бүтэһигэр Намнааҕы сибээс узелыгар отчуот түһэрэрбит. Үлэбит биир көрүҥэ сурутуу хампаанньата  буолара. Хаһыакка, сурунаалга сурутууну дьиэнэн сылдьан тэрийэрбит. Хаһыат, сурунаал, суругунан корреспонденция күн  ахсын  куораттан Нам узелынан эргийэн кэлэрэ. Кэлэр хаһыаттар, эҕэрдэ,  правительственнай телеграммалар, открыткалар, суруктар олус элбэх буолаллара. Ону почтальоннар күн ахсын  иккилии почтовай суумканы толору симэн, иккилиитэ кырынан ардах, буурҕа, тымныы, итии буоллун атахтарыгар тура тэбэн түҥэтэллэрэ. Бырааһынньыктарга  үлэбит саамай элбиирэ онно саҕаланара. Бырааһынньык кэмигэр өссө элбэх телеграмма,  хаһыат, сурунаал кэлэрэ. Нэһилиэк олохтоохторо переговорунан, телеграмманан үөрэкөтө эҕэрдэлэһэллэрэ. Биир күн эрэ өрөбүллээх этибит. Биһиги үлэбит ис хоһооно: клиент биһигиттэн наадатын толору ситиһэн, дуоһуйан тахсарын туһугар кыһанарбыт.   

 

Отделениеларга  хас биирдии көрүҥҥэ тус-туспа  былаан бэриллэрэ. Кварталга соцкуоталаһыы түмүгүнэн кыайыылаахтарга көһө сылдьар вымпел, знамя туттараллара. Биһиги отделение былааммытын толорон үчүгэй  көрдөрүүлээх отделениелар кэккэлэригэр киирсэрбит. Сыл түмүгүнэн хайҕал грамота, эҕэрдэ сурук, харчынан  бириэмийэ туттараллара. Үлэһиттэргэ тринадцатай хамнас  төлөнөрө. Коллектив олус эйэлээх, түмсүүлээх этэ.  

 

Бииргэ үлэлээбит отделением үлэһиттэригэр оператордарбар Надежда Жирковаҕа, Мария  Кондаковаҕа,  почтальоннарбар Апреля Колмогороваҕа, Николай Титовка, Матрена Бобровскаяҕа, Надежда Даниловаҕа, Анна Семеноваҕа, Матрена Сивцеваҕа, Захар Протопоповка улахан  махталбын тиэрдэбин. Кинилэр курдук  чиэһинэй, эппиэтинэстээх үлэһиттэрдээх буоламмын маннык  ыарахан үлэҕэ этэҥҥэ үлэлээн кэлбиппит.

Ити курдук, уруккуттан билиҥҥи балаһыанньа туох уратылааҕын тэҥнээн көрдөххө, сайдыы суох. Үлэ ветерана Александра Ивановна билигин даҕаны саҥа почта дьиэтэ туруорсарын, эдэр дьону анаан булан, үөрэттэрэр наада этэ диэн санаатын тиэрдэр.

Мария Винокурова

Читайте дальше