2024 сыл тохсунньу 25 күнүгэр биир дойдулаахпыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115 сылын туолар. Бүгүн Нам улууһун дьаһалтатын актовай саалатыгар Таллан Бүрэ үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт тэрээһиннэри ыытыы тула кэпсэтии буолла. Сүбэ мунньаҕы улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Юрий Дьяконов салайда. Мунньахха улуустааҕы хамыыһыйа чилиэттэрэ, поэт Таллан Бүрэ уолаттара Тит Ефремович, Степан Ефремович Сивцевтэр, чугас аймахтара, Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыга Михаил Макаров, нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччылара, бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Сүрүн соругунан — поэт Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ айар үлэтин, олоҕун оҕолорго, ыччакка, нэһилиэнньэҕэ киэҥник сырдатыы, тиэрдии, тарҕатыы буолла. Мустубуттар торумнаммыт былааны дьүүллэстилэр, санааларын эттилэр. Ол курдук, поэт төрөөбүт тохсунньу 25 күнүгэр нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын хабан, общественность кыттыылаах ахтыы киэһэтин ыытарга, онно биллиилээх суруйааччылары ыҥыран кытыннарыы, бу күн улуус үөрэҕин, култууратын тэрилтэлэригэр Таллан Бүрэни билиһиннэрэр «Биир кэлим күнү» ыытыы, ыйдарынан тыырыллан уһуйаан оҕолорун, оскуола үөрэнээччилэрин ортолоругар поэт айымньыларынан ааҕыыга, литературнай композициялары туруорууга, уруһуйга, ойулуктары оҥорууга улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи (онлайн) куонкурустары тэрийии, кини айымньыларын билиһиннэрэр кинигэ быыстапкаларын туруоруу, «Үчүгэй Өлүөнэ тойуксута», «Өлүөнэ ырыаһыта» поэзия күнүн, литературнай пикнигы ыытыы, поэт үлэлээбит оскуолаларынан Таллан Бүрэ музейын экспонаттарынан «Чымадаан-музей» экскурсията о.д.а. тэрээһиннэр былааҥҥа киирдилэр.
Сыл устата ыытыллар тэрээһиннэр ыйдарынан наарданнылар. Бэс ыйыгар поэт төрөөбүт түөлбэтигэр, Бөтүҥҥэ, Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115 сылыгар анаммыт улуустааҕы Ыһыах ыһыллара былааҥҥа киирэн, кини айымньыларынан театрализованнай дьүһүйүүнү туруорар сорук турда. Поэт айар кута-сүрэ аһыллан элбэх хоһоону суруйбут Ыыс Булгунньаҕар литературнай тэрээһини күһүҥҥү кэмҥэ ыытарга этии киирдэ. Ону сэргэ Нам с. Таллан Бүрэ аатын сүгэр уулусаҕа, төһө да кылгас буоллар, миэстэ булан киниэхэ анаммыт сквер оҥоруутугар дьоһун санаа этилиннэ. Поэт оҕолорго анаммыт хоһооннорун кинигэтин үс тылынан таһаарыыга үбүн быһаарыы эмиэ таарылынна.
Түмүккэ Юрий Вячеславович этиилэр боротокуолга суруллубуттарын, киэҥ хабааннаах былаан чопчуламмытын, сорох боппуруостар үөрэтиллэн бигэргэтиигэ киириэхтэрин иһитиннэрдэ.
Касьян Олесов-Олук