Балаҕан ыйын 8 күнэ — хайалаах Дагестан улуу поэта Расул Гамзатов төрөөбүт күнэ. Кини дириҥ историялаах авар тылынан суруллубут «Журавли» хоһооно Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан ырыалартан биир бастыҥнара буоларын Аан дойду барыта билинэр, Кыайыы күнүгэр хайаан да ылланар, иһиллэр ырыалартан биирдэстэрэ.
Нууччалыы тылбааһын Расул Москваҕа М. Горькай аатынан литературнай институкка бииргэ үөрэммит доҕоро Наум Гребнев, музыкатын композитор Ян Френкель оҥорбуттара биллэр.
Оттон сахалыы тылынан элбэх поэт тылбаастара бааллар. Олор ортолоругар олохтоох автор Баһылай Уһунуускай-Сэки тылбаастаан хаалларбыта:
Кыталыктар
Кыргыс хааннаах толоонуттан саллааттар
Төннүбэккэ, арай мин санаабар,
Ийэ сиргэ көмүллэ сыппаккалар
Үрүҥ кыталык үөрэ буолбуттар.
Олор ол быдан кэмнэртэн билигин
Көтө сылдьан ыллыыллар курустук
Халлаан диэки хайыһаат, ол да иһин
Хараастабыт ээ биһиги куруутун.
Күөх тумарык ортотунан киэһэлик
Сылайбыт үөр көтөрдөр ааһаллар,
Ол кэккэҕэ бэрт кыракый киллэһик
Миэнэ миэстэм баар буолуо дии, баҕар.
Кэмим кэлиэ, кыталык үөрүн кытта
Күөх барыкка көтүөм өрө дайан,
Сиргэ хаалбыт дьоннорбунаан ыҥырса
Көтөрдүү кыҥкынаһыам халлаантан.
Кыргыс хааннаах толоонтон саллааттар
Төннүбэккэ, арай мин санаабар,
Ийэ сиргэ көмүллэ сыппаккалар
Үрүҥ кыталык үөрэ буолбуттар.
Бу Сэки тылбааһыгар Дима Попов оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ыллыыра, «Кыталыына» вокальнай ансаамбыл репертуарыгар киирбитэ, саха-француз оскуола коллектива хорунан толорбута. Ити курдук, Расул Гамзатов киһини барытын кимиттэн тутулуга суох долгутар хоһооно өлбөт-сүппэт дьылҕалаах, үйэлэргэ араас омук тылынан ылланар.
Мария Винокурова